ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киил

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы часть лиственницы, затвердевшая, ставшая очень прочной вследствие нарушения годовых колец, корень

Ис хоһооно · 6
I

1 аат тыл #

Тиит мас сааһа кэһиллэн кытааппыт, чиҥээбит өттө (иэҕиллибит, этэ араҕастыҥы дьүһүннээх буолар)

Нууччалыы Часть лиственницы, затвердевшая, ставшая очень прочной вследствие нарушения годовых колец, корень (бывает искривленной, имеет желтоватый оттенок)

Өссө холобурдар (3)
  • Ханналарый -- Эрилкэй киил курдук Хатан эрбийэ уолаттарыҥ
    Кыым
  • Муостуу килэриспит киил хайыһардарга намчы быһыыны уонна модун тулууру -- иҥэрэн оҥорбуттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Арыый тэйиччи киил сэргэ дьиппиэрэн турар
    Сэмээр Баһылай

2 даҕааһын #

Киилтэн оҥоһуллубут

Нууччалыы Сделанный из твердой древесины (обычно из лиственницы)

3 аат тыл #

Кытаанах, чиҥ, доруобай

Нууччалыы Крепкий, прочный, здоровый

  • Бачча эдэр, киил киһи, көмөлөһөрүҥ оннугар, күүлэй тэбэ сырыттаҕыҥ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Сорох киил тумустаах киргил буолан Төбөлөрүттэн тоҥсуйдун.
    С. Васильев
  • Ср. др. -тюрк. кез, кед 'крепкий, крепко'

4 этии #

Этиилэр

Киһи киилэ көр киһи

  • Биһигиттэн [хайыһардьыттартан] үүнүөҕэ киһи киэнэ киилэ, ньургуна.
    И. Федосеев
  • Ол сылдьан эмискэ, сүрдээх эмискэ, киһи киэнэ киилэ, уол оҕо одьунааһа буола оҕустум. С. Федотов
II

5 аат тыл #

Сыарҕа, хайыһар, ох саа токуруйар, өрө иэҕиллэн тахсар өттө

Нууччалыы Изогнутая кверху часть саней, лыж

  • Сириэдийбит-сиппит сир ийэ хотун Хайыһар мас киилин курдук Ханарыйан тахсыытыгар -- үс хатыҥ үүммүт.
    П. Ойуунускай
  • Аал Луук Мас Хайыһар мас киилин курдук Ханарыйа үүнэн тахсан Силигилээн-ситэн сириэдийбит эбит.
    П. Ойуунускай
  • Сыыр быарыгар сыарҕа биир киилэ көстө сытар
    Болот Боотур

6 аат тыл #

зоол. Көтөр уонна сорох үүтүнэн иитиллээччи кыыллар түөстэрин уҥуоҕун кырыыта

Нууччалыы Киль (кость на груди птиц и нек-рых млекопитающих)

  • Илии кынаттаахтар сапсынан көтөллөрө, эмиэ көтөрдөргө курдук, түөс уҥуоҕар киили үөскэппит. ББЕ З. Кини кэтит, мөтөгөр түөстээх, түөһүн уҥуоҕун киилэ көнө, түөһүн быччыҥа сайдыылаах
    СИиТ

«К» буукуба