Перевод с якутского
киинэ
аат тыл
Нууччалыы произведение киноискусства, кинофильм
English film, movie
1 аат тыл #
Анал экирээҥҥэ хамсыыр хартыынаны дьиҥнээх олох курдук көрдөрөр айымньы
Нууччалыы Произведение киноискусства, кинофильм
Киэһэ киинэ көрөөччүлэр, Кэпиир сыыһа иһээччилэр. Күннүк Уурастыырап Дьэ иккиэн бииргэ киинэттэн Чапаевы билбиппит. П. Тобуруокап Киэһэ хойут Аркадий, киинэттэн кэлээт, көрүдүөргэ Анфиса эркиҥҥэ сыстан ытыы турарын көрдө Н. Габышев
2 аат тыл #
Олоххо баар түбэлтэлэри, дьону уо. д. а. анал аппараатынан түһэрэн көрдөрөр ускуустуба көрүҥэ
Нууччалыы Киноискусство
Култуураны киинэнэн уонна үҥкүүнэн муҥурдуур буоллахха, култуураны тэниппит ахан дойду тураахтаатаҕа. Софр. Данилов. Киинэ ускуустуба эрэ быһыытынан буолбакка, кини пропаганда быһыытынан эмиэ сыаналанар. ПАК КТ
3 этии #
Нууччалыы Киноаппарат
Киинэ аппараата - киинэ көрдөрөргө эбэтэр киинэҕэ уһуларга аналлаах тэрил Киинэтин аппараатын сыана үрдүгэр остуолга уурда. Н. Босиков Саа оннугар фото- эбэтэр киинэ аппарааттаах ойуурга тахсар любитель-булчуттар ахсааннара элбээн иһэр. ББЕ З. Киинэ артыыһа - киинэҕэ оонньуур артыыс. Θ Киноартист. Кыра эрдэҕинэ киинэ артыыһа буолуон баҕарара. Киинэ биллэриитэ - ханнык киинэ хаһан, ханна буоларын туһунан иһитиннэрии. Θ Киноафиша. Фактория ааныгар киэһэ буолуохтаах киинэ биллэриитэ ыйанар. Н. Габышев Киинэ мэхээнньигэ - анал үөрэхтээх киинэ көрдөрөөччү. Θ Киномеханик. Бу киһи киинэ мэхээнньигин куурсугар киирбэккэ, холкуоһугар быйыл тиргиччи үлэлээбитэ буоллар, өссө үгүс күннээх буолуо эбит.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
Киинэ сурунаала - хайа эмэ түбэлтэ туһунан кэпсиир кылгас киинэ. Θ Киножурнал. Мин космическай хараабыллар космодромтан тахсыыларын киинэ сурунаалыгар көрөбүн. Софр. Данилов. Уус-уран киинэ - олоҕу уобарастаан, айан көрдөрөр киинэ. Θ Художественный фильм. Уус-уран киинэҕэ саха дьахтарын бастакынан киэҥник көрдөрбүт Маргарита Борисова буолар. Б. Павлов