ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уһул

туохтуур

Нууччалыы снимать; удалять

English to take off, to remove

Ис хоһооно · 10

1 туохтуур #

Нууччалыы снимать; удалять

English to take off, to remove

  • куоппуйатын уһул
    сделать копиюto make a copy
  • таҥаскын уһул
    раздетьсяto remove one's clothes, to undress

2 туохтуур #

Нууччалыы снимок; снимать

English (film) to photograph, to film

  • киинэҕэ уһул
    снимать для киноto shoot for a movie

3 туохтуур #

Кэтэ, сүгэ биитэр иилинэ сылдьаргын бэйэҕиттэн арааран ыл (үксүгэр таҥаһы этэргэ)

Нууччалыы Снимать, отделить от себя (обычно об одежде)

  • Сотору уу чаккырас гына тириттэ, үтүлүгүн уһулла, бэргэһэтин сэгэччи аста.
    Болот Боотур
  • Хайыһардарын устан балаҕаҥҥа өйөннөрдө.
    Амма Аччыгыйа
  • Мэркиттэр бэриммиттэрин бэлиэтигэр, былыргыттан олохсуйбут үгэс быһыытынан бэргэһэлэрин, курдарын кытары сааларын-сэптэрин, куйахтарын устан ууран биэрбиттэр.
    Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)

4 туохтуур #

Туох эмэ иһигэр биитэр үрдүгэр баары хостоон эбэтэр ханна эмэ иилиллэн, кэтэрдиллэн турары, сыста сылдьары арааран, тууран ыл

Нууччалыы Отделить, находящееся внутри или сверху, на поверхности, либо где-л. укреплённое

  • Икки ботуруону буулдьаларын уһулан ылан, тиэрмэһин бүөлээн баран кэлбит.
    Т. Сметанин
  • Вася торуоһун тиэрбэстэн уһулан, куормаҕа тиийдэ.
    Н. Габышев
  • Уол чаанньыгар чэй бырахта, онтон чыппанан өрө тутан туран, өссө оллоонтон уһулан кутаа кытыытыгар туруорда.
    Е. Неймохов
Өссө холобурдар (1)
  • Киэбиттэн устан ылан ойоҕос туоһу били бэлиэтэммит сурааһыҥҥа сөп түбэһиннэрэ хардары тутан үөһэ-аллара өттүлэриттэн туттарыллар.
    ГПП ТО

5 туохтуур #

Ким, туох эмэ саҥатын, хамсаныытын, көстүүтүн туохха эмэ түһэр, түһэрэн ыл (хол., видеокамераҕа, магнитофоҥҥа, фотоаппаракка)

Нууччалыы Снимать чью-л. речь, движения, внешний вид на что-л. (напр., на видеокамеру, магнитофон, фотоаппарат)

  • Кини икки мэтээлбин кэтэрдэн олорон хаартыскаҕа устубута.
    Эрилик Эристиин
  • Ыанньыксыттарга анаан этиитин магнитофоҥҥа устубуппутун иһитиннэрбиппит.
    И. Артамонов
  • Уолбун киинэҕэ уста хааллылар
    Лоһуура
Өссө холобурдар (3)
  • Тугу эмэ (хол., суругу-бичиги, ойууну) туохха эмэ (хол., кумааҕыга, холустаҕа) илиигинэн суруйан, ойуулаан, куоппуйалаан таһаар. Θ Переписывать, отображать, скопировать что-л. (напр., письмо, рисунок) на чём-л. Миша биир түүн, урут ситэ суруйбатах кэниспиэгин устан баран, сарсыарданан утуйда.
    Н. Лугинов
  • Ол куоппуйалаан устубут кумааҕыларын туоһу быһыытынан ууран биэрбит.
    П. Филиппов
  • Устар кэмигэр оҕо таба суруллубут тыллары көрөр, ырытар уонна өйдөөн хаалар. АВМ ҮКТТҮө. Айаннаан иһэн сирбин хаартаҕа уһула-уһула оргууй аҕай барар буоламмын, этэрээт миигин ситэн ылан иннибэр түһэрэ. В. Арсеньев (тылб.)

6 туохтуур #

Туох эмэ эппиэтинэстэн (хол., үлэҕиттэн, үөрэххиттэн) босхолоо, уурат

Нууччалыы Освободить, снять (напр., с должности, от какой-л. ответственности)

  • Ыраахтааҕыны устубуттар, өрөбөлүүссүйэ буолбут, көҥүл кэлбит.
    Н. Якутскай
  • Сибиэтэ дьүөгэтин кытта кэпсэтэн баран, санаата улаханнык оонньоото, Андрейы үөрэҕиттэн устубуттар.
    А. Николаев
  • Кэргэнэ үлэтиттэн кэлэн Сэмэҥҥэ кэпсээбит: "Саҥа начаалынньыкпыт дьон бөҕөнү үлэлэриттэн устан эрэр".
    КФА СБ

7 туохтуур #

Туохха эмэ (хол., докумуоҥҥа, испииһэккэ) киирэ сылдьартан, баартан таһааран, туоратан кэбис

Нууччалыы Устранять, снять (напр., со списка, с документа)

  • Хабырыыс салайар салаатын пуостан устар, сынньатар, солбуйар кэмэ кэлэр.
    Н. Якутскай
  • Баайдар хос хоҥуллайдарыгар баар сүүһүнэн күрүө сири устан ылыахха.
    М. Доҕордуурап
  • Ыскылаат сэбиэдиссэйэ Дайбыырап үс сылга барыта уон түөрт тыһыынчаттан тахса солкуобайы устубута билиннэ
    М. Попов

8 туохтуур #

Быстах кэмҥэ олороргор ыл, ылан олор (хол., дьиэни, кыбартыыраны, хоһу)

Нууччалыы Снять, арендовать (напр., дом, квартиру, комнату)

  • Доҕор уолун кытта кыттыгас хос устан эрэллэрин аҕата суоҕар сипсийбитэ. Айысхаана. Машаны күннэтэ кэриэтэ, бэйэтэ эмиэ хаһыс да сылын дьиэ устан олоруу кыһалҕата сылаппыт аймаҕа куортамы төлөһүүнэн, аска кыттыһыынан кыһарыйар
    Чолбон

9 туохтуур #

Ханна эмэ (хол., бааҥҥа, карточкаҕа) баары ыл (хол., харчыны)

Нууччалыы Снять что-л. (напр., деньги), хранящееся где-л. (напр., в банке, карточке)

  • Бааҥҥа баран харчы уһулла

10 этии #

Нууччалыы Намного улучшиться (ухудшаться – о жизненных условиях), становиться состоятельнее, богаче (оставаться таким же бедным, материально неблагополучным)

Этиилэр

Иэнин тириитин сүл ( уһул) көр иэн I

  • Дьэ, сымыйаны эппитиҥ тахсыа да, иэниҥ тириитин үстэ устуом, ону искэр санаа.
    Эрилик Эристиин
  • [Балбаара:] Кини дьөксө эр сириилээх буолуо үһү, бэйи, тохтоо, иэниҥ тириитин ырбаахы курдук устан кэбиһиэм. "Чолбон". Торбос соҥҥун уһул (устума) эргэр. – олоҕуҥ уруккутуттан лаппа тубус (тупсума), уруккугунааҕар кыаҕыр (уруккуҥ курдук кыаммат-түгэммэт буол) Бу ааспыт сүүрбэ сыл устатыгар хайдах курдук кэрэ, остуоруйа олоҕун олордубутуй – торбос соммутун устан, торҕонон-солконон таҥынныбыт, араас аһы чалбалаатыбыт.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Көнө бэйэбит нүксүйүөхпүтүгэр диэри таҥнары бүгүйэхтээбиппит да, торбос соммутун устубатахпыт. "ХС"

«У» буукуба