ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кииһилэ

аат тыл

Нууччалыы щавель, кислица

1 аат тыл #

, бот. Сииктээх, күн үчүгэйдик тыгар сиригэр үүнэр, төрдүттэн үүнэн тахсыбыт улахан ньолбуһах, халыҥ сэбирдэхтээх аска туттуллар эмтээх от (ситтэҕинэ сэбирдэҕэ кытархай өҥнөнөр, төбөтүгэр араҕас куруппа сиэмэлэнэр)

Нууччалыы Щавель, кислица

  • Лэглээриннэр билигин оччо хоргуйбаттар, иэдьэгэй, кииһилэ астаахтар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэтириис кииһилэ былаастаах тиит кыһыыра кырбаммытын хара ууга быраҕан -- уокка уурда. Бэс Дьарааһын. Маарыйа -- ыаҕаһын ылан, аны кииһилэ хомуйа барда.
    ХС
  • Ср. русск. кисло 'кислая квашеная капуста'

2 этии #

Кииһилэ үөрэтэ - сибиэһэй эбэтэр аһытыллыбыт үүккэ, арыт тарга кииһилэни кутан, сэлиэйдээн буһарыллар хааһы курдук ас Биир киилэ кииһилэ үөрэтин бэлэмниир буоллахха, оргутуллубутунан сүүс сэттэ уон биэс кыраам кииһилэ, арыы уута, бурдук, чөчөгөй ылыллар. ТИИ ЭОСА. Сылгы кииһилэтэ хочуон диэн курдук. Бары көтөрдөргө биэриэххэ сөп - көлөппүнэ сиэмэтин; ымыыга - сылгы кииһилэтин астарын. МЛФ АҮө

Нууччалыы Похлебка, приготовленная из свежего или кислого молока, иногда из тара с добавлением муки и щавеля

«К» буукуба