Перевод с якутского
килиэп
аат тыл
Нууччалыы хлеб
English bread
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Көтөҕүүлээх үрүҥ эбэтэр хара бурдук тиэстэтиттэн мэһийиллэн, оһох иһигэр буһарыллар ас
Нууччалыы Хлеб (пищевой продукт)
Астан саамай ылларбыт астара - астаммыт ас, килиэп, буулка, суухара. А. Софронов Микиитэ ийэлээх эһэтэ -- куулу сүөрэ баттаатылар: биир килиэп уонна чиэппэр чэй баар эбит. Амма Аччыгыйа Эт мииннээх эбиэппэр, Арыылаах килиэппэр Наадыйбат киһигин Л. Попов
2 аат тыл #
Аһыыр ас уопсайынан
Нууччалыы Пища вообще
Ийэм иистэнэн, Килиэп булан, Күөх буруобут унаарыйа Олоорпут онно ыал буолан. П. Тобуруокап Атах тумсун эрэ көрүллүбэт, Аһыыр килиэп иһин эрэ сүүрүллүбэт! С. Васильев Сорохтор -- араас тэрилтэлэргэ үлэлээн килиэп харчытын булуна-булуна, үөрэнэ хаалбыттара. КНЗ ТС
3 аат тыл #
Аналлаах үлэ
Нууччалыы Персональная работа. - Куоракка үөскээбит оҕо диэтэххэ, сүөһүгэ сыһыаннаах курдук эбиккин ээ... - Сыһыаннаах буолумуна: килиэбим буоллаҕа дии
От, бурдук хомуурун массыыналарын тустарынан этэ да барыллыбат - ол аналлаах үлэҥ, билиҥҥи оҕолор этэллэринии, килиэбиҥ буоллаҕа дии Ф. Софронов
4 этии #
Килиэптээх мас - тропикка үүнэр, тутовайдар кэргэннэригэр киирэр элбэх кырахымааллаах астаах мас Банан, кокосовай пальма, килиэптээх мас, манго уонна авокадо тропик дойдуларын олохтоохторугар килиэптэрин уонна да атын бородуукталарын солбуйар астары биэрэллэр. КВА Б
Нууччалыы Хлебное дерево (тропическое дерево семейства тутовых)