Перевод с якутского
кинигэ
аат тыл
Нууччалыы книга
English book
1 аат тыл #
Ханнык эмэ айымньы, үлэ туспа бэчээттэнэн, тиһиллэн, тастанан тахсыбыта
Нууччалыы Книга (издание)
Халыҥ кинигэни суруйан таһаардаххына? Амма Аччыгыйа Кинигэ - киһи өйдөөх сүбэһитэ.
Суорун ОмоллоонКинигэ - киһи-аймах гениальнай айыыта Далан
2 аат тыл #
Холбуу тигиллибит лиистээх туох эмэ дьыаланы суруйар сурунаал
Нууччалыы Книга документов, для записей
Э. К. Пекарскай тылдьытыгар быалаах кинигэ ыстараап сурунаала дэнэр. Уураах кинигэтин аҕал эрэ. Бирикээс кинигэтигэр илии баттаан адаарыппыта. В. Яковлев [Эписиэр:] Ньукулай, били уурааҕыҥ кинигэтигэр суруй эрэ.
Күндэ
Өссө холобурдар (1)
Сир быалаах кинигэтэ харчы докумуоннарын кытары хараллыахтаах КПЫ
3 этии #
Нууччалыы Хрестоматия
Ааҕар кинигэ - үөрэххэ аналлаах ханнык эмэ айымньы эбэтэр онтон быһа тардыы хомуурунньуга С. А. Новгородов бастакы сахалыы букубаары уонна ааҕар кинигэни таһаартарбыта. Ахсаан кинигэтэ - алын сүһүөх кылааска ахсааны үөрэтэр кинигэ. Θ Учебник по арифметике. Оҕо ахсаан кинигэтиттэн садаача суоттуу олорор. Быалаах кинигэ эргэр. - ыстараап суруллар кинигэтэ; улахан суолталаах испииһэги суруйар сурунаал. Θ Штрафной журнал; журнал куда заносились списки плательщиков ясака, родившиеся, умершие. Кинигэ кыһата - бэриллибит үлэ бэчээттэниитин хааччыйар тэрилтэ. Θ Книжное издательство. "Бичик" кинигэ кыһата элбэх кинигэни таһаарар. Кинигэни таптааччы - кинигэни ааҕарын, мунньарын сөбүлүүр киһи. Θ Книголюб. Кинигэни таптааччылар мунньахтара буолла. Кинигэ тастааччы - кинигэ тастааһыныгар идэлээх киһи. Θ Переплетчик. Кинигэ тастааччыга барда.
А. ЧеховКыһыл кинигэ - сэдэх, сүтэн эрэр, харыстанар хамсыыр харамай, үүнээйи туһунан сибидиэнньэ бэриллэр испииһэгин (реестрин) кинигэтэ. Θ Красная книга. Кыталыктары Кыһыл кинигэҕэ киллэрбиттэрэ. С. Дадаскинов Араҕас хопто Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибит көтөр. ХС
Өссө холобурдар (2)
Ордук сыаналаах сэдэх көрүҥнэр Кыһыл кинигэҕэ киллэриллибиттэрэ. ББЕ З. Үөрэх кинигэтэ - ханнык эмэ биридимиэккэ үөрэнэр кинигэ. Θ Учебник. [Никиитэ:] Саха тылыгар үөрэх кинигэлэрин бэчээттэтэ охсуохха.
КүндэМаны үөрэх кинигэтиттэн сиэттэрэн оҥордум. М. Доҕордуурап