ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

киэптэт

Нууччалыы затрудняться в чем-л

1 #

киэптээ

2 #

Тугу эмэ (хол., үлэни, үөрэҕи) ыарырҕат, наһаа ноҕуруускалан

Нууччалыы Затрудняться в чем-л.; заниматься чем-л. на пределе сил, перегружаться

  • диэнтэн дьаһ. туһ. Кинээс, киһи эрэ буоллар, киэптэтэн тыла чороччу тардан хаалбыта.
    М. Доҕордуурап
  • Ньургун Саанньа ону-маны билэриттэн киэптэттэ, иһигэр "үөрэхтээх да уол быһыылаах" дии санаата.
    Болот Боотур
  • Ол бассабыыктар кини аайы киэптэтиэхтэрэ дуо. И. Никифоров
Өссө холобурдар (3)
  • Итиччэ көтөх, хатыҥыр киһи -- ханнык да бэйэлээх доруобай киһи киэптэтэр үлэтин оҥороро.
    Далан
  • Үһүөйэх киһи күннээҕи үлэбитигэр киэптэтэммит, хараҥаттан хараҥаҕа сылдьабыт.
    Р. Кулаковскай
  • Уруок кэнниттэн от-мас тиэнэр, кырдьаҕас ийэбэр көмөлөһөр буоламмын үөрэхпэр киэптэтэрим
    Г. Колесов

«К» буукуба