Перевод с якутского
кумут
этии
кумуй 1 диэнтэн дьаһ. туһ. Ытыскын кумут. Нина ытамньыйда, -- дьарамай саннын кумутан, дьылыйан сытта. Н. Габышев [Сонордьут] хаспыт сиригэр куобаҕын түөрт лабаатын үчүгэй баҕайытык кумуппут, ол кэннэ үрдүнэн хаарынан көмөн кэбиспит. "Чолбон"
Этиилэр
Кутуруккун кумут көр кутурук
"Чэт, чэт, тохтоо!" - диэн хаһыы иһиллибитэ, Бөтөс буруйдаммыттыы кутуругун кумутан, -- Тэппэй хоһугар дьаадьыйбыта. Далан Кутуругун кумутан, Күөрт муннун буорга анньан, Ыт утары сүүрэн тиийэр, Ыйылыы-ыйылыы үрэр. В. Чиряев
Тыҥыраххын кумун көр тыҥырах
Дулҕалаах кулаахтара ханна да биллибэккэ-көстүбэккэ, им-дьим бүгэн олорон хаалбыттара -- тыҥырахтарын кумунуохтарынан кумунан, истэригэр киирбиттэрэ. А. Бэрияк [Кэтириинэ:] Хааннаах тыҥыраххын кумунан Тупсубут буолан кубулунан, Сиэмэх үөн, сидьиҥ курдьаҕа, Өссө да көҥүл сылдьаҕын?! Баал Хабырыыс