ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

курдаттыы

сыһыат

Нууччалыы насквозь

Ис хоһооно · 5

1 #

сыһ

  • Моойторук бөдүргэйигэр эбиэн ырба курдаттыы саайыллыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • [Күннэй:] Айа буола-буола... Оттон миигин буулдьа курдаттыы сүүрбүтэ айата суох эбитэ буолуо дуо?
    Суорун Омоллоон

2 #

Тугу эмэ нөҥүө ааһар, тахсар курдук

Нууччалыы Насквозь

3 #

Быһа ааһар, тахсар курдук

Нууччалыы Прямо, напрямик

  • Бэйэтэ дьиэ аннынан курдаттыы сылдьар гына иин хастыбыт.
    Саха фольк
  • Манна курдаттыы киирэн хоммуттар
    Амма Аччыгыйа

4 #

Туох эмэ бүтэй нөҥүө (көстөр, биллэр)

Нууччалыы Виднеться сквозь, через что-л

  • Илиитин хамсаттаҕын ахсын лаппаакытын уҥуохтара таҥас бүтэй курдаттыы биллэ сылдьаллар.
    Г. Колесов
  • Гулуобуска ырааҕы кээмэйдээһини курдаттыы көстөр нымса илиниэйкэ көмөтүнэн быһаараллар.
    МНА ФГ

5 этии #

Нууччалыы Узнать интуитивно, догадаться

  • Курдаттыы таай - чуолкай көрбөккө-билбэккэ эрэ сөпкө сэрэй Силтэһин айыыта-буруйа суоҕун сүрэҕэ-быара курдаттыы таайан өтө билэрэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Билигин да курдаттыы таайан буруйдааҕы булан сылдьабын.
    Суорун Омоллоон
  • Курдаттыы тартарар - ис сүрэҕиттэн, дууһатыттан туохха эмэ баҕарар, ымсыырар, ахтар. Θ Чувствовать непреодолимое влечение, страсть к кому-чему-л.; сильно страдать, тосковать по кому-чему-л. [Борцов аргыый:] Уонна, уолаттаар, дойдубун ахтарым бэрт... Курдаттыы тартара сылдьабын. Софр. Данилов. [Киристиинэ] мэлдьи Сэмэни өйдөөн, курдаттыы тартара сылдьарыттан, мэктиэтигэр, киһи хараҕар биллэр гына хотторон барда. Д. Таас

«К» буукуба