ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куттаа

туохтуур

Нууччалыы пугать, устрашать, внушать страх кому-л

English to frighten, to scare

1 туохтуур #

Кими эмэ тугунан эмэ, туох эмэ буолуохтааҕынан дьулат, дьиксиннэр

Нууччалыы Пугать, устрашать, внушать страх кому-л

  • Кинилэр [Уйбаныаптар] кыр өстөөхтөр. Ол гынан баран, улахана күүһүнэн куттуур, кырата тылынан баһыйар буоланнар, өр этиспэттэр, ардырҕаһа түһээт, аасыһан хаалаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол баайыллыбыт хабахтар уонна чуорааннар, оччотооҕу кэнэн дьон санааларыгар, куһаҕан тыыны куттуур улахан ымыы буолаллара
    Дьүөгэ Ааныстыырап

2 туохтуур #

Тугу эмэ (сүнньүнэн куһаҕаны) оҥоруом диэн саан, суоһурҕанан эт

Нууччалыы Грозить, угрожать кому-л. предстоящими неприятностями

  • Кэниэргэ этэргитинэн, кэнтиккэ тэбэргитинэн кими куттаары гынаҕыт? Уоттаах уурааххытын уу курдук кэһэр уол оҕо мин төрөөтүм.
    П. Ойуунускай
  • Отчуотунан куттуугун дуо? Отчуоттаан-отчуоттаан баччаҕа кэлбитим
    С. Ефремов

«К» буукуба