ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

куудьуй

туохтуур

Нууччалыы манить, привлекать, обворожить

1 туохтуур #

Көҕүт, абылаа, санаатын абылаа

Нууччалыы Манить, привлекать, обворожить

  • Ойоҕун Наталья Николаевнаны -- Дантес барон куудьуйа сатыырыттан сибээстээн поэты саакка угуу улам күүһүрэн испитэ. А. Пушкин (тылб.)

2 туохтуур #

Уһуй, үөрэт (үксүгэр куһаҕаҥҥа)

Нууччалыы Приобщать, приохотить (к дурному, непристойному)

  • Арыгы Куһаҕаҥҥа куудьуйар, Уорарга уһуйар, Өлөрөргө үөрэтэр.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Куһаҕаҥҥа куудьуйаары Куодарыһар кубулҕаттаах Сиэри сирэйдэнэр Сэттэ уон сөрүүр албастаах Идэмэрдээх илэ илиэһэй Илимигэр иҥнимээриҥ!
    Р. Баҕатаайыскай

3 туохтуур #

Санааҕар оҕустар, баҕар

Нууччалыы Страстно хотеть, желать чего-л. [Тоҥус:] Хата Миигин кытта Куотуоххун куудьуйаҕын дуо?

  • Сахаҕа тыа ырыаһыттара ыллыы олорон аллитерация икки ассонанс иккигэ эрэ санаалара куудьуйар, оттон рифмаҕа букатын куудьуйбат
    Күндэ

«К» буукуба