ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кылыкына

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы молодая поросль тальника, густо растущая на наносных песках

1 аат тыл #

Үрдүк, көнө иирэ талах хойуутук үүммүт сирэ (үксүн кумах сиргэ, өрүс арыыларыгар баар)

Нууччалыы Молодая поросль тальника, густо растущая на наносных песках

  • Өлүөнэ өрүс кылыкына талаҕыттан битэмииннээх мээккэни "АВМ" агрегатынан бэлэмнээһин быраактыката биһиги сопхуоска 1977 сыллаахтан олохтоммута. СӨА. Дэриэбинэ олохтоохторо кытыл кылыкынатын мастаан оттоору кэрдэн кэбиһэн иэдээҥҥэ түбэспиттэрэ
    Кыым

2 даҕааһын #

суолт. Көбүс-көнө, синньигэс, уһун

Нууччалыы Прямой, стройный, тонкий, длинный

  • Лааҕыр тула өттө синньигэс кылыкына мастардаах сэндэҥэ тыа буолан, балачча ыраахха диэри көстөрө.
    Д. Таас
  • Уһун кылыкына оттор сарсыардааҥҥы сиккиэр тыалтан хамсаан, киһи билбэт тылынан тугу эрэ кэпсэтэн, сипсиһэн, суугунаһа тураллар.
    Г. Колесов
  • Тоҥуу хаары оймуу сылдьан, хороччу тоҥмут кылыкына титириктэри тоһута тыыттылар, быһыта сыстылар.
    А. Федоров
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк. хаҕыл 'ивовая ветвь, ивовый прут; розга'

«К» буукуба