ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыраабыл

аат тыл

Нууччалыы грабли.

English rake

1 аат тыл #

Тииһинэн тарыйан от мунньар, буор көбүтэр, сир ыраастыыр уһун уктаах тэрил

Нууччалыы Грабли. Мас кыраабыл. Тимир кыраабыл. Кыраабыл тииһэ. От кыраабыла диэн эмиэ оччолоох уустук сэп буолаахтыа дуо?! Амма Аччыгыйа

2 этии #

Нууччалыы Конные грабли

  • Ат (көлө) кыраабыла - оту мунньарга аналлаах атынан тартарыллар тыа хаһаайыстыбатын массыыната Куурбут оту ат кыраабылынан мустаран субулдьутан, кэнниттэн хойуу бугулу бачыгыраччы туруоран иһэллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Үс-түөрт көлө кыраабылын Үргүлдьү состорон, Үчүгэй күөх оту Үмүрүччү тартаран, Уһун субуу оҥорон Субурутан барбыттар. Н. Степанов

«К» буукуба