ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыраман

даҕааһын

Нууччалыы дальний, далекий; чрезвычайно далекий (часто употр

Ис хоһооно · 4
I

1 даҕааһын #

даҕ

  • Кыраман дойду. Кыраман сир. Кыраман ыраах дойду.
  • Мин тус хоту, Чыҥха хоту, Кыраман хоту Өһөстүк айаннаан испитим.
    И. Гоголев
  • Дохсун сүүрүктээх өрүс дэбилгэннээх долгуннарыгар төһө күндү баайы уһааран кыраман ыраахха кыйдыырыҥ буолуой?
    А. Федоров
Өссө холобурдар (2)
  • Суланьа уһун суһуоҕун түөһүгэр түһэрэн, хайа кыраман оһуутугар баар буолбута.
    Н. Абыйчанин
  • Көрөбүн мин бүгүн былыты Кыраман үрдүктэн бэйэтин, Кылбаара тэлгэммитэ кэрэтин
    М. Тимофеев

2 даҕааһын #

Сиэрэ суох олус ыраах; наһаа ыраах уонна чиэски (үксүгэр "ыраах", "үрдүк", "сир", "дойду" о. д. а. тыллары күүһүрдэн этэргэ тут-лар)

Нууччалыы Дальний, далекий; чрезвычайно далекий (часто употр. как усилит. слово при определении расстояния, дали)

3 даҕааһын #

Олус өрдөөҕү, урукку; былыргы, быдан былыргы

Нууччалыы Очень давний; очень давно, давным-давно

  • Итэҕэйиҥ, романтиктар, Мин хотугу кыраайбар Кыраман былыргыттан Көмүс муостаах таба баар.
    И. Гоголев
  • Бүгүн, кыраман дьыллар ааспыттарын да иһин, биһиги эһиги сэриигэ өлбүттэр сырдык мөссүөҥҥүтүн көрөр курдукпут.
    ЕП МИ
II

4 #

кыраман санаа (санаалаах) - хара, ыар (санаа)

Нууччалыы Злобный, мрачный, тяжелый (о мысли, намерениях)

  • Кырыыстаах тыллаах, Кыраман санаалаах Кытай Бахсылааны уус Сириэдийбит-сиппит Сирэ-дойдута диэн бу эбит. П. Ойуунускай; кырамаҥҥа тур (этилин) - сорго, кырыыска, дьабыҥҥа (тур, этилин). Θ На горе, на беду кому-л., к несчастью (сказать, сделать). Түспүт төннүбэтэх, Барбыт эргийбэтэх, Кырыыска этиллибит, Кырамаҥҥа турбут булгунньах.
    П. Ойуунускай
  • Кырыыска турбут, Кырамаҥҥа этиллибит Кыыс Туйгун бухатыыр обургу -- Кэп туойуллан Түһэн иһэн ыллаабыт
    Күннүк Уурастыырап

«К» буукуба