Перевод с якутского
кыстык
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы зимовка.
English qishlaq
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Сүөһү кыһыны туорааһына; кыһыҥҥы кэм, олох-дьаһах
Нууччалыы Зимовка. Саха сылгыта кыстык устата улаханнык ыран, дьүдэйэн тахсар. НПИ ССЫа. Быйыл сүөһү кыстыга Орто Халыма үрдүнэн лаппа ыарахан. "Кыым"
2 аат тыл #
Кыһын олорорго анаан тутуллубут дьиэлээх, сүөһүнү тутар курдук тэриллибит сир; кыстыыр дьиэ
Нууччалыы Место зимовки с жилым помещением и с хлевом; зимний дом
Арҕаа халдьаайы Баатты диэки эҥэригэр сүрдээх кыараҕас, иҥнэри сиргэ Арамаан Сэмэнэп кыстыктаах сайылыга тэллэх баттаһа тураллар. Амма Аччыгыйа Уон ыал буолан Күөнэхтээххэ кыстык тутуннубут. И. Данилов Саха АССР аҥардас киин оройуоннарыгар уон тыһыынчаттан тахса кыстык баара АИА КХО
Өссө холобурдар (4)
Сорохтор кыстык маһы, иһэр мууһу күлүктэннилэр. Амма Аччыгыйа Андриан оҕонньор кыстык олоҕо умайан эрэр! М. Доҕордуурап Толлоойук аҕата аах маска, кыстык сирдэригэр, көспүттэрэ. И. Федосеев Ср. тюрк. кишлак 'село'
3 даҕааһын #
суолт. Кыһыҥҥы; кыһын олорорго, кыһыны туоруурга анаммыт
Нууччалыы Зимний; предназначенный для зимнего пользования
4 этии #
Нууччалыы Заготовленные на зиму дрова
Этиилэр
Кыстык балаҕан көр балаҕан
Таһырдьа - ынырыктык чөҥөрүттүбүт аһаҕас түннүктэрдээх иччитэх балаҕан үллэн турар. Ити Сүөдэр Бэһиэлэйэп кыстык балаҕана. Амма Аччыгыйа. Отонноон сии-сии кыстык балаҕан диэки баран истим. Т. Сметанин. Кыстык мас - кыһын отторго анаан дьиэ таһыгар бэлэмнэммит мас Оҕонньор кыстык маһыгар тахсан эҕэрдэлии хаалла. Амма Аччыгыйа. Кыстык хаар - ууллубат гына түспүт, кыһыны быһа сытар хаар.
Выпавший на всю зиму, не тающий снег.
Алтынньы ыйга кыстык хаар көбүччү түһэ охсубута. В. Гаврильева
5 аат тыл #
Тимири ууран туран таптайар, мас олохтоох, анал дэхси сирэйдээх тимир
Нууччалыы Наковальня
Кыһа төлөнө кыырыктыйбыт, Кыстык тыаһа чыҥкынаабыт.
П. ОйуунускайТыый, аны бу кыстыгым сытар эбит дуу!
Суорун ОмоллоонМиигин күн-дьыл тыйыс ууһа Кыстыгар өр чапчыйда. И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
Ср. тюрк. кыста 'нажимать, давить, прижать'
6 этии #
Кырыы кыстык - үөһээ өттө синньиир, алын өттө кэтит быһыылаах кыстык Кырыы кыстык сирэйин кэтитэ үс милимиэтир кэриҥэ. ПАЕ ОСС.
Нууччалыы Наковальня суженной кверху формы
Этиилэр
Кыстык угун саҕа балаҕан көр балаҕан
Баһылай оҕонньордоох -- кыстык угун саҕа балаҕаҥҥа бэйэлэрэ эрэ олороллоро. Далан. Сирэй (сирэйдээх) кыстык - кэтит иэдэстээх, ортото томтоҕор быһыылаах кыстык.
Øирокая наковальня, средняя часть которой поднимается бугром.
Сирэй кыстык кэтит иэдэһэ - дэхси, ортото охсуллар сирэ томтоҕор буолар. ПАЕ ОСС