Перевод с якутского
кычыгылан
туохтуур
Нууччалыы испытывать раздражение от щекотки, смеяться от щекотки
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Биллэ-биллибэт тарбыыр курдук таарыйыыттан тирииҥ ньиэрбэтэ күүрэн күлүөх санааҥ кэл, күл
Нууччалыы Испытывать раздражение от щекотки, смеяться от щекотки
Кычыгыланарым бэрт! Тиҥилэхпин таарыйыма. И. Гоголев Наһаа көҥөс, оҕотугар киһини чугаһаппат, оттон эмээри гыннаҕына кычыгыланан тэбиэлиир кытыттар эмиэ бааллар. В. Протодьяконов [Хадьымалга үктэнэргэ] үөрэнэ илик уллуҥахтара хайдах эрэ кычыгыланаллар ХС
2 туохтуур #
Туох эмэ кыһытар курдук буол, кыратык кыһый
Нууччалыы Ощущать легкое раздражение, слабый зуд
Эмээхсин өлбүт кыыһын санаата. Кэҥэриитэ кычыгыланан, харахтара уутуйан бардылар. Амма Аччыгыйа Сеня харахтара кычыгыланан, сирэйэ дьиктитик итийбэхтээн кэллэ.
Н. ЛугиновОҕонньор табаҕыттан күөмэйэ кычыгыланан, сөтөллөн иэрийбитэ. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Охоноон таныыта кычыгыланан кэллэ ХС
3 туохтуур #
Дьаралыйан ыарый, кый, кыйытын (киһи илиитэ, атаҕа ыалдьарын туһунан)
Нууччалыы Испытывать ломоту, зуд в костях
Сипсики тобуга кычыгыланна, атаҕын сото кэбиһэн ибигирэччи хамсатыан баҕарда. Л. Попов Даайыс -- атаҕын сүһүөхтэрэ кыйан, кычыгыланан ылбыттара Н. Заболоцкай
4 туохтуур #
Тугу эрэ гыныаххын баҕаран, ис-искиттэн өрүкүй, эттиин-сиинниин быыппаһын
Нууччалыы Испытывать непреодолимое желание делать что-л., зудеть
Тогойкин итини санаат, уҥуоҕа кычыгыланна, сүһүөҕэ өрүкүйдэ. Амма Аччыгыйа Мин этим саҥа уһуктан дып-дыыгынас, хайдах эрэ кычыгыланар курдуга. Далан Биһиги ити тыйыс дорҕооннору истэн, уҥуохпут кычыгыланан өрө ыстанан кэбиһэ-кэбиһэ, хотону эргийэ сырсабыт.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
[Көөстөөн] түөһүттэн уһулу ойон тахсыахтыы сүрэҕэ бүллүгүрүү мөҕүстэ, эмискэ этэ-сиинэ кыдьыгыран, кычыгыланан кэллэ Уустаах Избеков
5 этии #
Этиилэр
Илиитэ кычыгыланар көр илии
Этэ оҕус, Илиим кычыгыланна, Этим сааһа аһылынна! С. Васильев