Перевод с якутского
уҥуохтан
туохтуур
Нууччалыы окрепнуть в костях (о ребёнке). [Акыым:] Уу, тукаам, ойохтоммут-ойохтоммут, оҕото уҥуохтаммыт
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Уҥуохтарыҥ кытаатан, улаат (оҕону этэргэ)
Нууччалыы Окрепнуть в костях (о ребёнке). [Акыым:] Уу, тукаам, ойохтоммут-ойохтоммут, оҕото уҥуохтаммыт
Оҕолорум! Оҕолорум… Уҥуохтана илик Оччугуй оҕолорум! Кыната суох, мэник Кыра чыычаахтарым! М. Тимофеев
2 туохтуур #
Уҥуох курдук кытаат, мастый (үүнээйи туһунан)
Нууччалыы Грубеть, твердеть (о растениях)
От уҥуохтаммыт
3 туохтуур #
Тугу эмэ оҥороору кытаанахтык турун, сорун
Нууччалыы Стремиться к чему-л. настойчиво, стараться делать что-л. с твёрдыми намерениями
Ойох-эр буолтара сыл кэриҥэ буолбут дьон маҥнайгы этиһиилэрэ өссө сэтэрэн тахсыаҕын, эр киһи уҥуохтаммат буолан, тохтоотулар. Дьүөгэ Ааныстыырап. Дьаныһан эппитим буоллар, ылыннарыа эбиппин, ону бэйэм уҥуохтамматым СГФ СКТ
4 этии #
Тостубат уҥуохтан фольк. – күүстээх, кыахтаах буол Тостубат уҥуохтанан, Тохтубат хааннанан, Үөһэнэн-алларанан Үтүөнү-мөкүнү Үөрэҕэстии оонньоохтоор. П. Ойуунускай. Хайдыбат бөҕө Халыҥ тириилэммит, Тостубат бөҕө Суон уҥуохтаммыт. Нор. ыр.
Нууччалыы Делаться физически крепким, сильным, окрепнуть
Этиилэр
Тыла уҥуохтана илик көр тыл
Сиэним тыла уҥуохтана илик. Уҥуохтаммакка (уҥуоҕа суох) үлэлиир кэпс. – баҕарбат буола-буола үлэлиир.
Работать без желания