ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ытын

туохтуур

Нууччалыы залезть, забраться, взобраться вверх

Ис хоһооно · 6
I

1 туохтуур #

Хатаастан, тардыһан туох эмэ (хол., мас) үрдүгэр таҕыс

Нууччалыы Залезть, забраться, взобраться вверх (напр., на дерево)

  • Бүөтүччэ хаҥас диэкиттэн кэлэн атах ороҥҥо ыттан тахсан, түннүгүнэн одуулаһар.
    Амма Аччыгыйа
  • Көр, ити биһиги кыра эрдэхпитинэ ытта оонньуур чаллах тииппитин!
    Далан
  • Үүһүҥ маска ыттара сымсата сүрдээх, онон дэбигис ылларбат
    Чолбон
Өссө холобурдар (2)
  • Тугу эмэ өрө дабай, үөһэ таҕыс (хол., хайаҕа, мырааҥҥа). Θ Подниматься вверх, взбираться, взойти (напр., на гору, холм). Бу иннинээҕи күн икки сис хайа оройугар ытта сылдьыбыттара. Тумарча. Бу дабааҥҥа киһи улахан сыранан өрө ыттар.
    Н. Заболоцкай
  • Өрүс уҥуоргу өттүгэр хайа туруору сирэйинэн кыыл табалар өрө ыттан эрэллэрин көрбүттэрэ. Эвен фольк. Кэлбит дьон хайаҕа ыттаары эргийэ хаамтылар да, киһи тахсыах айылаах сирин булбатылар
    ОоТС

2 туохтуур #

Үөһэ күөрэйэн таҕыс (хол., күнү этэргэ)

Нууччалыы Подниматься вверх над горизонтом, взойти (напр., о солнце)

  • Үргэл халлаан оройугар ыттыбыт.
    Н. Якутскай
  • Күн халлаан оройугар ыттыбыт, халлааҥҥа быыкаа да былыт суох.
    Л. Попов
  • Арҕааттан үрүҥ былыттар Аҥаарыһан таҕыстылар, Үрүт-үөһэ ыттан, хаҥаан Халлааммар хабырыстылар
    Дьуон Дьаҥылы

3 туохтуур #

Үрдүккэ талас, саҥа кэрдиискэ тахсан ис

Нууччалыы Стремиться к чему-л., расти, развиваться, достигать новых вершин

  • Саха литературата айар уопута кэҥээн, сайдыы саҥа кэрдииһигэр ыттан иһэр. Софр. Данилов. Эгэ, билии-көрүү үрдүк чыпчаалыгар ыттар киһи хараҕа төһө кэҥиэ, сырдыа этэй!
    Суорун Омоллоон
  • Дьон дуоһунаска кыратык да ытыннылар эрэ, уларыйаллар даҕаны
    Далан

4 этии #

кэтинчэ быта кэтэххэ ытынна көр баккы. Баккы быта аны Баска ыттыахтаах үһү. Баал Хабырыыс.

Нууччалыы Держать кого-л. в своей власти, господствовать над кем-л

Этиилэр

Баһыгар ытынна

баскар (төбөҕөр) ытыар диэн курдук (көр бас II).

  • Билиҥҥиттэн кини мин баспар ыттыбатын, мин үрдүбэр тахсыбатын.
    Суорун Омоллоон
  • Дуунньа биир эмэ кыахтаах тойон баһыгар ыттан, хотун хаан буолар былааннаах.
    У. Ойуур

Маска эрэ ыттыбакка сылдьар көр мас

  • Киһилэрэ дуоһунаһа үрдээн, маска эрэ ыттыбакка сылдьар. Күрүлгэн. Үрдүгэр ыттар кэпс. – кими эмэ бас билэр, баһылыыр-көһүлүүр, дьаһайар Мин бэлэммэр, мин аспар сарайа уойа-уойаҕын, бэйэм үрдүбэр ыттаары гынныҥ дуо?
    А. Софронов
  • Ср. тюрк. ыдын ‘удалить от себя’
II

5 #

ытый 1 диэнтэн бэй. туһ. Дьиэтигэр кэлээт, Биэрэ сонно тута отонноох күөрчэх ытынна. С. Маисов. Тымныы ыаммытынан үүккэ дьэдьэн кутан, күөрчэх ытыннылар. КЕФ СТАҮө. Кыыс мааҕын сарсыарда ытыммыт күөрчэҕин сиэтэ. "ХС"

III

6 #

ыт I диэнтэн бэй. туһ. Дубов, абатыгар, сүүскэ ытынарын да кэрэйбэт буолла. А. Фадеев (тылб.)

«Ы» буукуба