ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кычыгылат

туохтуур

Нууччалыы щекотать

1 туохтуур #

Кими эмэ ыксары буолбакка, биллэ-биллибэттик тарбыыр курдук таарыйан тириитин ньиэрбэтин күүрдэн күллэр

Нууччалыы Щекотать

  • Ырбаахыта алдьаммытынан эмээхсин сөмүйэтин уган кычыгылатта.
    Амма Аччыгыйа
  • Хадьымалга уллуҥахпын кычыгылата атах сыгынньах аргыый чөм-чөм үктэтэлээн хаамарбын олус да таптыыбын.
    Далан
  • Сонум саҕатынан от киирэн моонньубун кычыгылатар
    Н. Якутскай

2 туохтуур #

Туох эмэ таарыйан эбэтэр таарыйарын курдук буолан кыратык кыһый

Нууччалыы Вызывать легкое раздражение, слабый зуд, щекотать (напр., в носу: о запахе)

  • Көөнньүбүт күөх мутукча сыта таныытын кычыгылатта, мэйиитэ эргийиэх курдук буолла.
    Амма Аччыгыйа
  • Ахтылҕаннаах алааһыҥ буруота кэҥириигин кычыгылатар, хараххыттан уу ыгар.
    Л. Попов
  • Үөлүллүбүт собо минньигэс сыта бэлэһин кычыгылатар
    Н. Якутскай

3 туохтуур #

Өйгүттэн-санааҕыттан араҕан биэримэ, кэйиэлээн саната сырыт

Нууччалыы Возбуждать, щекотать нервы, свербеть (о мысли)

  • Мин киэһээ кыра суруйардаахпын, биир кыра тиэмэ кычыгылатар.
    Н. Габышев
  • Сорох-сороҕу үпкэ-аска үлүһүйүү кыдьыга-кыыбаҕата кычыгылатар.
    Н. Заболоцкай
  • Ср. тюрк. кытыкла 'щекотать'

«К» буукуба