Перевод с якутского
кыыдамнаа
туохтуур
Нууччалыы падать, идти неравномерно, не густо
1 туохтуур #
Хойуута, тэҥэ суохтук, элэҥ-сэлэҥ түс (хаар туһунан)
Нууччалыы Падать, идти неравномерно, не густо (о снеге)
Саҥа дьыллааҕы сымнаҕас хаар кыыдамныыра, кыырпахтара сирэйгэ, харахха түспэхтээн тута ууллаллара. Л. Попов Халлаан тымныйар, от-мас хагдарыйар, өтөр-өтөр хаар кыыдамныыр. Н. Якутскай Сир тоҥмута, кыра-кыралаан хаар кыыдамныыра, кыһын кэлэр чинчитэ илэ-бааччы биллибитэ Т. Сметанин
2 туохтуур #
Ыһыахтан, ыһылын, саҕылын (кыым, уот туһунан)
Нууччалыы Лететь, сыпаться (об искре)
Кыыһыттан кыым кыыдамныыр, уолуттан уот уунаҥныыр үһү (тааб.: тойон ыҥырыа, тигээйи). Таас хайалар төбөлөрүттэн уот кыыдамнаан бытарыйарга дылы гынар. Н. Неустроев Кыым-кыым кыыдамныыр, Кыһыл уот тырымныыр А. Бэрияк
3 туохтуур #
Чэпчэкитик, күөрэччи көтөн ыстан, кылый
Нууччалыы Прыгать, делать легкие и высокие прыжки
Сыыдам быһый ыччаттар, Кырпа ньаассын кырыстаах Кылбаа-дьылбаа кырдалга Кылыһа, сырса кыыдамнааҥ. П. Ядрихинскай Кылыыһыт туостары Кыыдамнаан куоһарда. А. Бродников Кырдал көнө, кылбаҕар ньууругар Кылыыһыт кыыдамныы түстэҕэ И. Эртюков