ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыҥынай

туохтуур

Нууччалыы недовольно, сердито ворчать под нос; говорить невнятно в нос

туохтуур

тыаһы үт. туохт. Сөбүлээбэккэ, кыыһыран, иһиллэр-иһиллибэт гына хоҥоруугунан саҥар

Нууччалыы Недовольно, сердито ворчать под нос; говорить невнятно в нос

  • Киргиэлэй оргууй хараҕын аһан баран, көхсүн иһигэр ынчыктаата уонна тыла айаҕар баппатах курдук тугу эрэ хоҥсуотук кыҥынайда.
    Амма Аччыгыйа
  • Тугу тугу кыҥынайаҕын уоһуҥ иһигэр, үөннээх?
    Н. Түгүнүүрэп
  • Кыыстара, Федя саппыкытын суола муостаҕа хаалбытыгар, кыыһыран кыҥынайда. А. Гайдар (тылб.)
Өссө холобурдар (2)
  • Атын киһи истэригэр кыһалла барбакка эрэ, бэйэҕэр эрэ анаан, муннуҥ анныгар саҥар. Θ Говорить себе под нос, разговаривая с самим собой. Чэлкэхтээҕинэн сургуччу көрбүт киэҥ харахтарынан ону-маны одуулаһа иһэн, быыстала суох тугу эрэ саҥаран кыҥынайар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кини салбырҕас саадьаҕай оҕуһу ойоҕолуу олорон баран, -- бүтэҥи соҕустук ыллаан кыҥынайа иһэрэ
    Р. Кулаковскай

«К» буукуба