ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырдьыгынаа

туохтуур

Нууччалыы оскалившись, издавать громкие злобные, угрожающие звуки, рычать, ворчать

1 туохтуур #

Куттаан эбэтэр киҥнэнэн, тиистэргин килэтэн, "ыррр" диир курдук саҥаны таһаар (кыыллары этэргэ)

Нууччалыы Оскалившись, издавать громкие злобные, угрожающие звуки, рычать, ворчать (о зверях, животных)

  • Күлүгэр ырдьыгынаабыт ыкка дылы (өс ном.). Тыа быыһыгар Тыатааҕы ырдьыгыныырын кэриэтэ Тыраахтар тыаһа туолбут.
    С. Зверев
  • Кыылым ырдьыгыныы-ырдьыгыныы тохтоло суох часкыйар
    Күрүлгэн

2 туохтуур #

Кыыһыран, кыйаханан саҥар, хаһыытаа

Нууччалыы Раздражённо, зло, грубо выговаривать кому-л., кричать, рычать на кого-л

  • Кыыһыран, ырдьыгынаан Кырдьаҕаспыт кэлбитэ.
    М. Ефимов
  • Били таһыттан киирбит саллаат мин таспар кэлэн, тугу эрэ ырдьыгыныы турар эбит.
    Г. Борисов
  • Хотунум кэрбээн барда, Кыбдьыгырыыр, ырдьыгыныыр. Н. Некрасов (тылб.)

3 этии #

Этиилэр

Ырдьыгыныыр ыт көр ыт II

  • Бу киһиҥ дьиэтээҕилэригэр олох ырдьыгыныыр ыт үһү. Ср. алт. ыркыра ʽворчать (о собаке)ʼ

«Ы» буукуба