Перевод с якутского
кыһарый
туохтуур
Нууччалыы настаивать на чем-л., вынуждать, под тем или иным предлогом, принуждать к чему-л
1 туохтуур #
Кими эмэ тугунан эмэ туһанан олуй; тугу эмэ оҥорорго күһэй
Нууччалыы Настаивать на чем-л., вынуждать, под тем или иным предлогом, принуждать к чему-л
Түмэн бараан Түүн ийэлэрэ Хараҥанан хаайан, Сытарынан кыһарыйан, Утуйарынан олуйан [кэлбит].
Өксөкүлээх Өлөксөй[Хабырыыс] Икки атахтаах адьырҕалар Сата Байбалы тугунан кыһарыйан көмүс кистэлин этитэллэрин хайдах эмэ гынан мэһэйдиэхтээх. И. Гоголев Аҕам Мырбас Өндөрөй уолугар эргэ таҕыс диэн сүрдээхтик даҕаны кыһарыйар буолла А. Сыромятникова
2 туохтуур #
Туох эмэ аттынан олус чугас, таарыйан аас
Нууччалыы Проходить мимо чего-л., вплотную касаясь. [Сэмэн] өттүгүн уҥуоҕун портсигар муннугунан кыһарыйан, хаан оҕуолуор диэри күөх баламах гына охсубут
Өрүс уута -- биэрэги кыһарыйан ааһарыгар санаа ылбат модун дьулуур күүһэ эбиллэр.
Н. ЛугиновТаастар бэйэ-бэйэлэрин кытта охсуллаллар, биэрэги кыһарыйаллар МЛФ АҮө