ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыһыыр

туохтуур

Нууччалыы издавать продолжительный свистящий звук

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. Биир кэм уһуннук, синньигэстик иһиирэр тыаһы таһаар

Нууччалыы Издавать продолжительный свистящий звук

  • Куорсуннаах оноҕос кыһыыран тиийэн тордохтон тахсыбыт сарыы сонноох уолу түөһүн тылыгар хорос гына түспүтэ.
    Далан
  • Хотуттан үрэр тыал сорох күн тохтообокко кыһыырар.
    С. Дадаскинов
  • [Моонньоҕон] Атыыра мончууктары көрдө-көрбүтүнэн аллара кыһыыран түһэн, муустан халтарыйан, тиэрэ таһылынна
    В. Титов
II

2 #

көр кыспа

3 #

[Дьон] бурдугу булан сиэминэ, бэс кыһыырынан аһыыр буолбуттара. Эрилик Эристиин. Кэтириис кииһилэ былаастаах тиит кыһыыра кырбаммытын хара ууга быраҕан, биир сэлиэнэй үүт сыыһын кутаат уокка уурда. Бэс Дьарааһын. Харалаампый -- эрдэ бэлэмнэммит кыһыырга уоту даҕайарын кытта, бэрт көхтөөхтүк чачыгырыы умайда. Түһүлгэҕэ т. Ср. бур. хюһуур 'скребок'

III

4 #

Хамса ыаһа, чоҕой

Нууччалыы Смоляной осадок на курительной трубке

  • Бычыа, хамса кыһыырын ыстаабыт киһилии, ымайан ханньайда
    Хомус

«К» буукуба