Перевод с якутского
кэбирэх
даҕааһын
Нууччалыы хрупкий
English brittle, fragile
Ис хоһооно · 6
1 даҕааһын #
Нууччалыы хрупкий
English brittle, fragile
кэбирэх сиидэс тонкий ситецdelicate chintz )
2 даҕааһын #
даҕ
Кэбирэх мастан үөн арахпат (өс хоһ.). Биһиги Бэттиэмэ диэн күөл атаҕын, кэбирэх оттоох кэҥэс уолба ходуһаны хайытан тахсабыт. Э. Соколов Ардах дохсуна астан хаалла гынан баран, кырыс сымнаҕаһа, кэбирэҕэ бэрт Н. Павлов
3 даҕааһын #
Бөҕөтө суох, алдьанымтыа
Нууччалыы Непрочный, ломкий, хрупкий
4 даҕааһын #
Уустуга суох, дөбөҥ
Нууччалыы Несложный, легкий, не составляющий труда, простой
Субу илииҥ иһигэр баар, букатын кэбирэх да суолу таба тайанан булбакка, сыра бөҕө быстааччы. Күннүк Уурастыырап Кырдьык даҕаны, эртэн арахсар сүрдээх кэбирэх да эбит, дьон ол иһин даҕаны арахсаллара буолуо... А. Софронов Оттон куурусса көстөрө өссө кэбирэх Д. Таас
5 даҕааһын #
Барыны бары олус чугастык ылынар уйан дууһалаах
Нууччалыы Воспринимающий все близко к сердцу, впечатлительный
Ийэ сүрэҕин курдук оҕотун иннигэр кэбирэх, ичигэс, сымнаҕас, үтүө, амарах туох баар буолуой?! Н. Якутскай Аата, кэбирэххин, ынах тэптэҕин аайы ытыыгын дуу? М. Доҕордуурап Кинилэр [оҕонньоттор] чиргэл эттэригэр Күн-дьыл охсуутун уйаннар, Билигин кырдьаннар, кэхтэннэр, Кэбирэхтэр, уйаннар. И. Эртюков
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. кеврэк ‘слабый, хрупкий, ломкий’
6 этии #
Нууччалыы Наиболее уязвимое, слабое место место у кого-л.; Ахиллесова пята. [Киирик:] [кулаактар] ханан кэбирэх сири хааннаах тумустарынан тоҥсуйалларын көрөн, тыҥырахтарын-тумустарын бысталыыр буоларбыт
Кэбирэх сирэ (миэстэтэ) - ким эмэ ордук кыайтарар, мөлтөх өттө С. Ефремов Кистэлэҥ үлэ араас ньымаларын баһылаабыт идэтийбит революционер Серго сидьиҥ полицейскай кэбирэх сирин таба тайаммыта. ЯАМ СД. [Миша:] Кинилэр кэбирэх сирдэрэ ханан баарын билиэхпитин наада... С. Михалков (тылб.)