ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэккэ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы ряд, линия ровно расположенных однородных предметов

English row, rank

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Көнөтүк субуспут биир тэҥ туох эмэ эрээтэ

Нууччалыы Ряд, линия ровно расположенных однородных предметов

  • Микиитэ дьон быыһынан сылыкыччыйан киирэн саамай инники кэккэҕэ олоруна охсон кэбистэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Хонууга сөмөлүөттэр кэккэлэрэ элэгэлдьиһэн хааллылар.
    Л. Попов
  • Күөлбүтүгэр уонна томторго кыһарыйтаран дьиэлэрбит биир кэккэнэн турар буоланнар, дэриэбинэбит ыһыллаҕас, уһун
    Г. Угаров

2 аат тыл #

Биир уустаах ханнык эмэ бөлөх, араҥа

Нууччалыы Группа, слой среда объединенная какой-л. общностью

  • Биһи - эдэр гвардия, Кыайтарбат кэккэбит.
    П. Ойуунускай
  • Баай былааһын утары -- дьаныардаахтык охсуһуохтаахпыт, бэйэбит кэккэбитин хаҥатыах тустаахпыт.
    М. Доҕордуурап
  • Хаста даҕаны хаһыакка үчүгэй учууталлар кэккэлэригэр ахтыллыбыт этим
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
  • Кинини отчуоттатан баран, кэккэ итэҕэстэртэн ураты, уопсай үлэтин "үчүгэйинэн" сыаналаабыттара.
    Н. Лугинов
  • Управление кэккэ сылларга ночооттоохтук үлэлээн кэлбитэ. "Кыым". Поэт сэрии бүтүүтүгэр -- кэккэ кылгас публицистическай ыстатыйалары суруйталаабыта.
    КНЗ ТС

3 аат тыл #

байыан. Биир кэрискэнэн турар дьон эрээтэ

Нууччалыы Военный строй

  • Элбэх мөлүйүөннээх Этэрээт кэккэтэ Кинилэр суолларын Кэҥэтэн барыаҕа.
    П. Ойуунускай
  • Ол ыраах эниэни таҥнары Кэккэлэр субуһан киирэллэр.
    Эрилик Эристиин
  • Хайдахтаах да кырыктаах кыргыһыыга кэккэ ыһыллыа суохтаах
    Н. Лугинов

4 даҕааһын #

суолт., калька, публ. Элбэхтэн сорҕото, төһө эрэ ахсаана

Нууччалыы Некоторая часть чего-л

  • суолт. Кэккэлэһэ диэн курдук. Кэккэ бииргэ хаамсан, Кэлэр-барар эбиттэр. Саха нар. ыр. III. Кини биһикки куойкаларбыт кэккэ түбэстилэр.
    Н. Заболоцкай
  • Кинини кытта кэккэ олорбут эдэр дьахтар -- Петровка мичээрдии-мичээрдии, дорооболоһон төбөтүн хоҥкус гыннарар.
    Амма Аччыгыйа
  • Ср. кирг. хырха ‘ряд’

«К» буукуба