ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрээт

аат тыл

Нууччалыы ряд.

English row

1 аат тыл #

Тыйаатырга, кулуупка, киинэҕэ уо. д. а. олорор миэстэлэр кэккэлэрэ

Нууччалыы Ряд. Серёжа сэттис эрээккэ миэстэтин булан олордо. Н. Лугинов. Инники эрээккэ олордо. "Кыым". Кини биһикки биир эрээккэ кэккэлэһэ олорон айанныыр буолбуппут. ӨӨ ДДьДТ

2 аат тыл #

Баһаардарга, ырыынактарга биир кэккэнэн туруоруллубут ларыактар, атыылыыр остуоллар

Нууччалыы Ларьки, столы на рынках, базарах, расположенные в один ряд

  • Бүгүн эт эрээтигэр сибиинньэ этэ эрэ атыыланар.
  • Мин манна баһаарга кэлэн, таҥас-сап тэлгэммит эрээттэрин барытын тиэтэйбэккэ кэрийэ хааман көрө испитим
    Тумарча

3 аат тыл #

Тыа хаһаайыстыбатын култуураларын олордор субурҕа, кэккэ

Нууччалыы Ряд, полоса высева, высадки сельскохозяйственных культур

  • Кини ордук хаппыыстаны олордууга эрээттэр икки ардыларын буорун кыайа-хото механизацияламмытын улаханнык ордугурдуу көрбүтэ. ФНС ХО. Кырдьык, ити икки эрээт икки арда быдан кыараҕас, үлэлииргэ моһуоктуо.
    П. Егоров
  • [Баһылай] олорунан кэбиспитэ уонна төбөтүн төҥкөтөн эрээттэри кыҥаан көрбүтэ – онтулара -- көбүс көнөлөрө. Г. Николаева (тылб.)

«Э» буукуба