Перевод с якутского
эрт
туохтуур
Нууччалыы грести
English to row, to paddle
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Нууччалыы грести
English to row, to paddle
сүүрүк хоту эрт грести на северto row north
2 туохтуур #
Тыыга, оҥочоҕо олорон эрэн эрдиинэн ууну эрчимнээхтик хаһыйан айаннаа, уһун
Нууччалыы Грести (на лодке, ветке, плоту)
Сүүрүгү утары эрт. "Туох баар күүспүнэн эрдэбин ээ, мантан ордук хайдах эрдиэмий?" – диэн Бурхалей мээнэ, ньүдьү-балай кыһарыйыыга ынчыктыы-ынчыктыы хардарда. Эрилик Эристиин Эрдии эрдэн сылайа оҕустубут. Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
Хаһан эмэ балыксыт Эн кураанах хонноххор Эмэх буолбут мас тыытын Эрдэн кэлэн хоноро П. Тулааһынап Көлүөһэ ууну хаһыйар күүһүнэн айаннаа (урукку көлүөһэлээх борокуоту этэргэ). Θ Передвигаться с помощью колес (о старых колесных пароходах). Хамсатын буруотун халлааҥҥа күдээрпит, Борокуот эр бэрдэ, Эрчимник эрдэр Эллэй
3 туохтуур #
Солуута суоҕу, туох түбэһиэҕи мээнэ саҥар
Нууччалыы Болтать наобум, что взбредёт на ум
Талбыппынан аттаран, Таалбын-быарбын тарбанан, Түлэс-балас эрдэммин, Түҥ-таҥ түһэн биэрдим мин. Күннүк Уурастыырап Туох буоллуҥ? Тоҕо ити курдук саҥараҕыный? Уйбаанча, оҕонньор кырдьык түөс-маас эрдэн барбытыттан ыйыппыта. Н. Якутскай Суол уһунун билимээри, күн эгэлгэтин барытын эрдэн кэпсэтэбит П. Аввакумов
4 этии #
Тиэр-маар (тиэс-маас) эрт көр тиэр-маар
(Киэҥ) халлааны туойар (тыллаһар, эрдэр) көр халлаан. Кэһиэҕирэ бүтэн хаалбыт кэп-кээҕинэс куолаһынан Киристиэстэн саҕалаан киэҥ халлааны эрдибитэ. Күннүк Уурастыырап Түөрт уоннаах диэн миигин ким этэр? Төрүт да халлааны эрдэллэр! Оччо сыл тухары, ааҕыстар, Олоро иликпин, атастар. С. Руфов Ср. ДТС еш ʽгрести, разгребатьʼ