Перевод с якутского
кэмигэр
аат тыл
Нууччалыы употребляется при обозначении какого-н
1 аат тыл #
дьөһ
Ол гынан баран хайдахтаах да санаа түһүүтүн кэмигэр кини бэйэтин кистэлэҥ эрэлин сүтэрбэт этэ.
Н. Лугинов[Үчүгээйэп:] Маннык үлэ кэмигэр дьаарбайа сылдьаргыттан кыбыстыа да эбик кин. С. Ефремов Дуолумаайы от үрэх халаанын кэмигэр тэнийэр, улаатар А. Сыромятникова
Өссө холобурдар (1)
Быһаарар сыһыан суолтата дэгэттэнэр. Θ Имеет оттенок определительных отношений. Үнүрүүн мунньах кэмигэр кэпсэтиигэ үөрэниэх баҕалааҕын биллэрбитэ
Н. Лугинов
2 аат тыл #
Бириэмэ сыһыанын бэлиэтээн, хайааһын ханнык эмэ событие, процесс, турук, көстүү кэмигэр буоларын көрдөрөргө туттуллар
Нууччалыы Употребляется при обозначении какого-н. события, процесса, состояния или явления, во время которого совершается действие (во время, в). [Бакланов] гражданскай сэрии кэмигэр кыһыл бартыһаан, Бычок дэриэбинэ биир биллэр киһитэ
3 аат тыл #
Ситим тыл суолтатыгар бириэмэ салаа этиини тутаах этиигэ холбуур
Нууччалыы В значении союза присоединяет придаточное предложение времени к главному предложению (в то время, когда; когда)
Хотуурдарын сытыыланар кэмнэригэр, Хабырылла эмиэ саҥата суох турбата. Амма Аччыгыйа Бу саҥа былаас атаҕар турар кэмигэр, кылаас өстөөҕө итэҕэл, таҥара, абааһы туһунан сымыйа сэһэннэри тарҕатан, хараҥа дьон санаатын булкуйар. Н. Габышев Хардаҕас саҕа бэйэм ханна да кистэннэрбин -- Хагдарыйбат күөххэ ханыылаһыам, Сир-дойду симэнэр-киэркэйэр кэмигэр, Сэргэх сэбирдэх буолан тэлибириэм С. Зверев
Өссө холобурдар (1)
Ааспыт бириэмэлээх аат туохтуурдары кытта көмө суолтата ордук мөлтүүр. Θ С причастиями прошедшего времени служебное значение ослабляется. Райнис эмиграцияттан 1919 сыллаахха, Сэбиэскэй өрөспүүбүлүкэ олохтоммут кэмигэр, ыалдьан хаалан, Латвияҕа кыайан кэлбэтэҕэ. Софр. Данилов. Илгэ-быйаҥ эргийбит кэмигэр Эмиэ Сэриигэ ыҥыраллар Дьуон Дьаҥылы