Перевод с якутского
кэмэлдьи
аат тыл
Нууччалыы дурная привычка, недостаток, порок, изъян, слабость
1 аат тыл #
Куһаҕан үгэс, үөрүйэх, майгы
Нууччалыы Дурная привычка, недостаток, порок, изъян, слабость
Бодорустахха бодоҥ биллэр, кэргэннэстэххэ кэмэлдьи биллэр (өс хоһ.). Куһаҕан өй-санаа, түктэри кэмэлдьи хайаан да содуллаах буолар. Софр. Данилов. Сэриигэ сылдьаммын мин куттастан ордук сидьиҥ кэмэлдьи баарын билбэтэҕим М. Ефимов
2 аат тыл #
Туохха эмэ үөрүйэх, ураты тутта сылдьыы, быһыы-майгы (харамайдар тустарынан)
Нууччалыы Обыкновение, повадка; нрав, характер (о животных)
Атым сүгүн-саҕын барбат, тоҕо эрэ кэмэлдьитэ уларыйбыт. И. Никифоров Биһиги хас биирдии булт кэмэлдьитин, ол иһигэр "түөкүн" тииҥ хаһан, ханна уйалыырын, хайдах сиринэн сылдьарын барытын билэрбит. Я. Семенов Булдунан куруутун дьарыктанар киһи булт кэмэлдьитин ордук билимтиэ уонна сатабыллаах буолар. НЛН ББ