Перевод с якутского
адьынат
аат тыл
Нууччалыы дурная привычка
1 аат тыл #
, кэпс
Куһаҕан киһи үтүөнү да холуннара, үрдүгү да намтата сатыы сылдьар адьынаттаах. Амма Аччыгыйа Байар үлүскэнэ киһи сигилитин алдьатар даҕаны адьынат эбит. Софр. Данилов. Үгүс дьону үлэтэ суох хаалларыы капитализм арахсыспат аргыһа, ааспат адьыната буолар И. Аргунов
2 аат тыл #
Куһаҕан быһыы, түктэри кэмэлдьи
Нууччалыы Дурная привычка, дурные наклонности
3 аат тыл #
Үөрүйэх, кэмэлдьи, үгэс
Нууччалыы Привычка, наклонности
Төһө да кыра буоллар, барыны бары өрө тарда, итэҕэһи-быһаҕаһы туората сылдьыы, устунан, дьоҥҥо-сэргэҕэ күннээҕи кыһамньы, үөрүйэх, адьынат буолан иһиэхтээх. Күннүк Уурастыырап Урут дойдубар Кавказка сылдьан элбэхтик суруйар этим. Суруйар эмиэ туспа адьынат быһыылаах. ХС Кини [муора эйгэтэ] - көҥүл көрүлүү, Көҥүлүн туохха да уларыппат, Кини күүрээнэ - өрөгөйдөөх, Улуу, Үчүгэйгэ эрэ талаһар адьынаттаах С. Данилов