Перевод с якутского
кыдьык
аат тыл
Нууччалыы страстное увлечение, пристрастие к чему-л.
1 аат тыл #
Тардыһан, баҕаран туран туохха эмэ ылларыы, умсугуйуу (үксүгэр куһаҕан үөрүйэх туһунан)
Нууччалыы Страстное увлечение, пристрастие к чему-л. (обычно порок, дурная привычка)
Мин биир кыдьыкка ылларбыт сордоохпун. Ат сүүрдүүтэ. И. Федосеев Кыра эрдэхпиттэн булка сылдьыспытым сэриилэһэрбэр олус көмөлөспүтэ. Билигин да ол кыдьыкпын бырахпаппын. ӨӨККҮ. Кыра-кыралаан табах тардар, арыгы иһэр кыдьыкка ылларбытым ХС
2 аат тыл #
Сыстыганнаах ыарыы, дьаллык (сүөһүгэ)
Нууччалыы Заразная болезнь, эпидемия
Кыһалҕабыт биир этэ. Сүөһү кыдьыгын хайдах кыайабыт. Эдэр төрүөх өлүүтүн хайдах тохтотобут. И. Данилов Кыдьык өлүү Кыайан барда, Тумуу-сөтөл тунуйда, Дьаҥ-дьаһах тарҕанна. Тоҥ Суорун. Зооветеринарнай дьаһалларга өссө минеральнай уонна витаминнаах аһылыктарынан итиэннэ микроэлеменнарынан хааччыйыыны киллэриэххэ сөп. Итилэр тиийбэт буоллахтарына сүөһү араас кыдьыкка ылларар, иинэр-хатар, ыалдьар. АДГ СКУо. Ср. п. -монг. кидьиг 'эпидемия, эпизоотия'
3 этии #
Нууччалыы Не поддаться соблазну, устоять перед соблазном, заглушить тягу к дурным привычкам (букв. собери своих насекомых, превозмоги свои вожделения, подави свои страсти)
(Курдьаҕаҕын хомун), кыдьыккын кыан, имэҥҥин иҥэрин түөлбэ - дьаллыккын бырах, баҕаҕын хам баттаа, тутун, кыатан Курдьаҕаҕын хомун, кыдьыккын кыан, имэҥҥин иҥэрин. Уолаттар бэйэлэрэ акаарытыйаннар, кыдьыктарын кыаммаккалар, хаартыга алдьаммыттар. Бэс Дьарааһын. Кыдьыккын тарҕат (таһаар) - имэҥҥин, баҕаҕын ханнар. Θ Удовлетворять свое желание, страсть. Ыһыы иннинэ биир түүн куска хонон, кыдьыгы тарҕатарга сөбүлэспиттэрэ. Н. Апросимов [Чымаан кинээс] -- ардыгар, кими эрэ дэлби кырбаан, онон кыдьыгын таһаарынара. Эрилик Эристиин Халлаан хаһыҥнаан, кыдьыга тахсан, күн күөх дьүрүс халлааҥҥа куба курдук мөлбөйө уһунна. "ХС"