Перевод с якутского
кэнэҕэски
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы послед (у коровы, кобылы). [Ынах] төрөөн бүтэн кэнэҕэскитэ кэллэҕинэ, уон киилэ сылаас ууну иһэрдэр. ҮБНьТ
1 аат тыл #
Сүөһү төрүөҕэ үөскүүр хаата
Нууччалыы Послед (у коровы, кобылы). [Ынах] төрөөн бүтэн кэнэҕэскитэ кэллэҕинэ, уон киилэ сылаас ууну иһэрдэр. ҮБНьТ
Ынах кэнэҕэскитэ уон икки чаас буолан баран арахсыбатаҕына, илиинэн араарыллар. ГНИ СҮөТ. Бэҕэһээ төрөөбүт биэ кэнэҕэскитэ өссө да кэлэ илик эбит. ПДН БС
2 даҕааһын #
Кэлин, хойут кэлиэхтээх, баар буолуохтаах
Нууччалыы Будущий, грядущий
Кэнэҕэски көлүөнэ. Кэнэҕэски үйэ. Кэнэҕэски учуонайдарга, бүгүҥҥү аспираннарга, саамай истиҥ эҕэрдэ!
Н. ЛугиновОҕолор суруйааччылары, поэттары кытта көрсөллөр, кэнэҕэски идэлэрин таларга көмөлөөх кинигэлэри ааҕаллар ББ
3 аат тыл #
суолт. Ким-туох эмэ инникитэ, кэлэр кэскилэ
Нууччалыы Будущее, грядущее кого-чего-л
Норуот бэйэтин дьолун, Кэнэҕэскитин курдук куруук Оҕолорун иитэрэ, Сир кэрэ симэҕин курдук, Кинилэри киэргэтэрэ. Эллэй. Киһи кэнэҕэскитигэр эрэниэхтээх!
Н. ЛугиновКэнэҕэскилэригэр эрэллэрэ суох буолан оҕолор буруйу оҥороллоро элбээн иһэр. Софр Данилов