ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эһиил

аат тыл, сыһыат

Нууччалыы в будущем году, на будущий год

1 сыһыат #

Кэлэр сылга, биир сылынан

Нууччалыы В будущем году, на будущий год

2 аат тыл #

суолт. Кэлэр сыл

Нууччалыы Будущий год

  • Бу сонуогу эһиилгигэ хаалларбыттар. Эһиилгиттэн үрдүк үөрэххэ туттарсыам.
  • Сарсын эмиэ сарсыҥҥыны, Өйүүн эмиэ өйүүҥҥүнү, Эһиил эмиэ эһиилгини Күүтүөхтэрэ дьон бары, Күүтүөхтэрэ саҥаны.
    П. Тобуруокап
  • Эһиилигэр 1942 сыллаахха Эллэй бэйэтэ Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Софр
    Данилов

3 этии #

Нууччалыы Через два года

Этиилэр

Онно (онтон) эһиил (эһиилгэ диэри)

икки сылынан, икки сыл буолан баран Кэтириис эһиил дуу, онно эһиилигэр дуу тиийиэхтээх.

  • ИБ ГДь. Баҕар эһиил, баҕар онтон эһиил бу кыракый алаас куулатыгар турар өтөх сыыһын мин адьас даҕаны булуом суоҕа.
    В. Гаврильева

Эһиилгэ диэри

кэлэр сылга диэри.

До будущего года.

  • Эһиилгэ диэри, өссө эһиилгэ диэри буолуохтун, туйгун суоппар уонна мин үтүө аргыһым.
    Н. Заболоцкай
  • Ср. уйг. эсэн ʽбудущий годʼ, якут. ол ʽэтотʼ, сыл ʽгодʼ

«Э» буукуба