ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кэтэхтээх

даҕааһын

Нууччалыы приделанный, пришитый с задней стороны, имеющий задник

1 даҕааһын #

даҕ

  • Маайа мааны таҥаһын бастыҥын: бэдэр кэтэхтээх, буобура тулалаах -- дьабака бэргэһэтин кэтэртилэр.
    Н. Якутскай
  • Куортуктаах сонун кэтэн, кэтэхтээх олох маска тиэрэ түһэн, үрдүк арҕаһа сүгүллэн, түөһэ мөтөллөн олорор
    И. Никифоров

2 даҕааһын #

Кэтэх оҥоһуллубут, кэтэх тигиллибит (бэргэһэ); өйөнөрдөөх (олох мас)

Нууччалыы Приделанный, пришитый с задней стороны, имеющий задник (о шапке); имеющий спинку (о сидении)

3 даҕааһын #

Кэтэх санаалаах, киитэрэй

Нууччалыы Имеющий задние мысли, хитрый

  • Кинээс ойоҕо кэтэхтээх, уус ойоҕо улаатымсык, ойуун ойоҕо улаҕалаах (өс ном). Кэнэйдэһэн түҥнэрсии Кэнчээрини кэҕиннэрэр Кэтэхтэрдээх эбит!
    Р. Баҕатаайыскай
  • Мэниктээмэ, Устин, олус кэтэхтээх, силистээх, ыар дьыаланы ырытабыт
    Н. Габышев

«К» буукуба