Перевод с якутского
кэтэҕэр
аат тыл
Нууччалыы часть
English part
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
көмө аат
Маайыс -- саһархай харахтара эмиэ тымныйан, хойуу кыламаннарын кэтэҕэр кирийэ оҕустулар. Амма Аччыгыйа Дьиэ кэтэҕэр бөтүүк хахаарда. Н. Габышев Антах ыраах бөлөх-бөлөх харааран көстөр тыалардаах үрдүк кыһам көстөр. Ол кэтэҕэр өрүс баар дииллэр. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (3)
Сыгынньах төбөлөөх Казбегым кэтэҕэр, Сылайбыт ый кэлэн, сынньанан сытарыҥ, Тамара уу баһар сүүрүктээх үрэҕин Дарыйаал таастарын кэриэстээн тыгарыҥ П. Тулааһынап Хайааһын ким, туох эмэ кэннигэр, антах өттүгэр туһаайыллан оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттуллар. Θ Употребляется при обозначении предмета, в заднюю сторону которого направлено действие (за, сзади). Абыраамап устуулун туппутунан Бииктэр кэтэҕэр кэлэн олордо. Л. Попов Өр да мин эйигин күүппүтүм, Күн быраан кэтэҕэр түспүтэ. Эллэй. Ыраах-ыраах Сир кэтэҕэр Сүдү баһаар турбутунуу, Истиэп уҥуор сырдыы түһэр Ый толбоно суһумнуу П. Тобуруокап
2 аат тыл #
ыарыы түһүккэ хайааһын ким, туох эмэ кэннигэр, түгэх өттүгэр буоларын бэлиэтииргэ туттуллар
Нууччалыы В форме дательно-местного падежа употребляется при обозначении предмета, позади которого совершается действие (за, позади)
3 аат тыл #
Таһаарыы түһүккэ хайааһын туох эмэ кэнниттэн, антах өттүттэн тахсарын, оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттул-лар
Нууччалыы В форме исходного падежа употребляется при обозначении предмета, из-за спины которого исходит, совершается действие (из-за)
Үрүйэ үмүрүйэр төбөтө ырыых ыраах маҥан будулҕан буолан көстөр сиригэр күөрэ-лаҥкы түспүт мас-талах кэтэҕиттэн, бэйэтэ тахса илик күн саһарҕата охсуллан, отуу уотун курдук кытыаһынна. Амма Аччыгыйа Онуоха ойуур кэтэҕиттэн Түүлээх Уллуҥах, саа тутан баран, халдьаайыны таҥнары түһэн кэлбитэ.
Суорун ОмоллоонХайа саҕах дириҥиттэн Хабыр этиҥ, бачылларын, Ханнык байҕал кэтэҕиттэн Хара буурҕа ытылларын - Биһи умнуо суохтаахпыт, Билиэх өйдүөх тустаахпыт Күннүк Уурастыырап
4 аат тыл #
Туттуу түһүк форматыгар ким, туох эмэ кэннинэн, антах өттүнэн хайааһын оҥоһулларын бэлиэтииргэ туттул-лар
Нууччалыы В форме орудного падежа употр. при обозначении предмета, лица, позади которого совершается действие (позади, за)
Халлаан чахчы сырдаан, күн төлөнө уҥуоргу тыа кэтэҕинэн сандаара тыган муус түннүктэринэн киирэн, балаҕан иһигэр уот сырдыгын баһыйда. А. Софронов Оксана хаталар, оҕуруоттар кэтэхтэринэн саһан, дьиэтигэр кэлбитэ.
Суорун ОмоллоонПрезидиум остуолун кэтэҕинэн саала үрдүттэн нэлэмэн кэтит кыһыл таҥастар тэниччи тардыллан түспүттэр Амма Аччыгыйа