ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чаас

аат тыл

Нууччалыы час

English hour

Ис хоһооно · 10

1 аат тыл #

Нууччалыы час

English hour

  • аттанар чаас буолла
    пора было уходитьit was time to go
I

2 аат тыл #

Алта уон мүнүүтэҕэ тэҥнэһэр бириэмэ кээмэйэ

Нууччалыы Промежуток времени в 60 минут, час

  • Айаммытыгар кэлэ-бара үс чаастан ордуга суох буоларбыт буолуо.
    Р. Кулаковскай
  • [Бадин:] Аны биир чааһынан бараллар.
    С. Ефремов
  • Аҕыйах чааһынан биир кыра дэриэбинэҕэ тиийэн кэллэ. Дж. Родари (тылб.)
Өссө холобурдар (3)
  • Сууккаҕа алта уон мүнүүтэ буола-буола бириэмэ, кэм туолар болдьоҕо. Θ Срок в 60 минут, исчисляемый от полудня или полуночи, час. Начаалынньык аҕыс чааска хонтуоратыгар кэлиэ.
    Н. Якутскай
  • Түүн үс-түөрт чаас буолла.
    Н. Габышев
  • Москваҕа сэттэ чаас буолбутун тыллаан, "Север" репродуктор үс төгүл -- тыҥкынаан ылла
    М. Доҕордуурап

3 аат тыл #

үрд. Кэм, бириэмэ (туох эмэ саҕаланыытын эбэтэр бүтэрин этэргэ)

Нууччалыы Пора, время (наступления или существования чего-л.)

  • Туох-ханнык кэмнээх-чаастаах, Кэхтэр да, тиллэр да кэрдиистээх.
    Саха фольк
  • Түрмэ иһигэр хааллан сыппыт дьон, босхолонор чаастара чугаһаабытын билэн, сэргэхсийэ, чөрбөҥнөһө түстүлэр
    П. Филиппов

4 аат тыл #

Тугу эмэ гынарга анаммыт бириэмэ (хол., сынньалаҥ кэмин этэргэ)

Нууччалыы Время, предназначенное для чего-л. (напр., отдыха)

5 этии #

Кылаас чааһа оск. – оскуолаҕа биир кылааска үөрэнэр оҕолор кылаастарын салайааччытын кытары сүбэ мунньахтара Оҕолор, барымаҥ, кылаас чааһа буолар.

Нууччалыы Классный час (форма общения учеников со своим учителем – классным руководителем)

Этиилэр

Өлөр чаас

ким эмэ өлөр, суох буолар бириэмэтэ, кэмэ кэлиитэ.

Время наступления смерти, ухода из жизни, смертный час.

  • [Бассабыык] Өйдөөтө өлөр чааһын, Хараҕа ууланна. Эллэй. О, бүттүҥ эн, Иосиф Коган, Өлөр чааһыҥ уолдьаста. Күн Дьирибинэ. [Сергей Тихонович] аҕа табаарыһыттан өлөр чааһа ыган кэлбитин кистиэн баҕарбатаҕа.
    Н. Габышев

Тиһэх чаас көр тиһэх I

  • Төрөөбүт дойдутуттан арахсар тиһэх чааһыгар бу орто дойдуга төрөөн Томсон туох үчүгэйи көрбүтүн була сатыыр.
    Н. Якутскай
  • Туппут үрүҥ сибэккини Эн оҕоҥ тиһэх чааһыгар.
    Баал Хабырыыс

Үлэ чааһа

тэрилтэ үлэһиттэрин үлэлиир бириэмэлэрэ (үксүгэр сарсыарда 9 чаастан киэһэ 6 чааска диэри).

Рабочее время (обычно с 9 часов утра до 6 часов вечера).

  • Биирдэ үлэ чааһа бүтүүтэ ааҥҥа түбэсиһэн дорооболоспуттара.
    Н. Лугинов
  • Сотору үлэ чааһа бүтэн, дьиэлээтэ.
    М. Попов
Өссө холобурдар (1)
  • Үлэ чааһа букатын эрдэттэн саҕаланар.
    Н. Ефремов

Чаас аҥаара көр аҥаар

  • Чаас аҥаарын кэриҥинэн Аким Романович быраһаайдаһан -- айаҥҥа туруммута.
    Н. Заболоцкай
  • [Михаил:] Кэлбэтэхтэринэ аны чаас аҥаарынан уһугуннарыам.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Массыына чаас аҥаарын кэриҥэ сэндэҥэ бэс тыа иһинэн айаннаабытын кэннэ -- Таллан өрүс бу мэндээрэ түстэ. С. Никифоров
II

6 аат тыл #

Туох эмэ өлүүскэтэ, сорҕото

Нууччалыы Часть, деталь чего-л

  • Арамаан маҥнайгы чааһа бэлэм. Сыыһа, таба сыаналаан Үөрдүүй, таптыыр көлүөнэм.
    И. Гоголев
  • Бэриллибит тиэкиһи чаастарга араарыҥ. ПНЕ СТ. Турку бары чааһа хатыҥ мастан таҥыллар
    Хомус Уйбаан

7 аат тыл #

Ким эмэ туохха эмэ (хол., нэһилиэстибэҕэ) анал өлүүтэ, туох эмэ сыалайтан киниэхэ анаммыт сорҕото

Нууччалыы Часть, доля кого-л. в чём-л. (напр., в наследстве)

  • Отут сүөһүнү, ол иһигэр биир бастыҥ атыыры чаас аныыр.
    Суорун Омоллоон
  • [Бороскуобуйа] дьиҥэ, үлэлээбитин, баайы иитиспитин быһыытынан чаас ылыахтааҕа.
    А. Сыромятникова
  • Ол нөҥүө күнүгэр оҕонньор уолуттан арахсан, чаас сүөһүтүн ылан, -- аччыгый уолун аахха көһөн таҥкынаан тиийбит
    А. Бэрияк

8 аат тыл #

байыан. Аармыйа көрүҥнэриттэн биир туспа биирдэмэ (хол., пехота)

Нууччалыы Отдельная войсковая единица (напр., пехота)

  • Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ арҕаа боруоҥҥа артиллерийскай чааска сулууспалаабыта.
    Н. Якутскай
  • Сахаттан биһиги чааспытыгар Николаев эрэ биһикки хааллыбыт.
    Т. Сметанин
  • Чааскыттан сурук кэллэ дуо?
    С. Никифоров

9 аат тыл #

Ыйаах, дьылҕа

Нууччалыы Участь, доля (человека)

  • Аҕал, аҕал мин дууһабар Ааттаах хатан ыстаалгын, Дьылҕам чымаан чааһыгар Тостубат аналланыахпын.
    И. Гоголев
  • Үөскэппит Үөһээ Айыы, Миэхэҕэ киһи курдук, Киһи буолар чааста ыйан биэр
    Күн Дьирибинэ

10 этии #

Этиилэр

Саҥа чаастара көр саҥа I

  • Тыллары саҥа чаастарынан наардаан суруйуҥ. ПНЕ СТ. Тыллар суолталарынан тус-туспа бөлөхтөргө арахсаллар. Ол бөлөхтөр саҥа чаастара дэнэллэр. КИИ СТ-2.

Саппаас чаас көр саппаас

  • Саппаас чааһы сопхуостар үллэстэн баран сорохтор курулаан сытыараллар, сорохтор туохтара да суох буолан сылы быһа умналаһан тахсаллар.
    Далан
  • Саппаас чаас сороҕо оройуон тэрилтэлэриттэн, холкуостартан, уустук уонна сэдэх өттө куораттан көстүөх курдуга.
    В. Титов
Өссө холобурдар (1)
  • Мин өйүүн саппаас чаас ыла куораттыыбын. "ХС"

«Ч» буукуба