ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чааскы

аат тыл

Нууччалыы чашка.

English cup

1 аат тыл #

Чэй иһэр кыра тутаахтаах (үксүгэр фарфор) иһит

Нууччалыы Чашка. Маайа чэйин сылытар, чааскыларын сотор. Н. Якутскай. Бытыылкаттан туох эрэ убаҕаһы сибэкки ойуулаах ыраас чааскыга кутан биэрдэ. И. Гоголев. Сүөкүлэ чааскыга чэй кутар. Р. Кулаковскай

2 этии #

Нууччалыы Коленная чашка

Этиилэр

Чааскы уҥуоҕа

сото уҥуоҕун тобук диэки үөһээ өттүгэр баар чааскыга майгынныыр чааһа Соххор буулуур -- илин-кэлин атахтарынан тэҥҥэ охсор-тэбэр, чааскым уҥуоҕун хайыта сыста.

  • Тумарча.

Харах чааскыта

бас уҥуоҕар сирэй диэки өттүгэр харах мөкүнүгэ киирэригэр аналлаах оҥхой.

Углубление в лицевой части черепа, в котором помещается глазное яблоко, глазница.

  • Бары бата курдук үрүҥ-кубаҕай сирэйдээхтэр, харахтарын чааскыта уолбут. С. Дадаскинов

«Ч» буукуба