Перевод с якутского
кэҕин
туохтуур
Нууччалыы остановиться в развитии, росте; вырождаться; хиреть
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Улаатан, үүнэн-сайдан иһэн төннөн хаал, буомур
Нууччалыы Остановиться в развитии, росте; вырождаться; хиреть
Бэс ыйын саҥатыгар үс-түөрт түүн субурутан хаар хаһыҥнар буолуталаатылар, бурдук үлүйдэ, от-мас сиэмэтэ кэҕиннэ. У. Нуолур Оҕо үлбүрүйбүт ыта кэхтэр. Онон ыты оҕоҕо оонньотор куһаҕан. И. Федосеев Биир үөр сылгытын хас да уон сыл устата ханна да бычыгыраппакка үөскэтэр буоллаххына, ол сылгы төрүөҕэ кэлин кэхтэр. Y БНЬТ
Өссө холобурдар (3)
Хагдарый, күөххүн сүтэр (үүнээйи туһунан). Θ Терять свежесть, увядать (о растениях). Аҕыйах түүн хаһыҥныырын кытта от-мас номнуо кэхтибит, көтөр-сүүрэр аҕыйаабыт. Болот Боотур Ичигэс кыһын буоларыгар от-мас хойутаан кэхтэр. И. Сосин Күһүөрү бары-барыта кэхтэр, Арай эн өссө тупсан иһэҕин! Сибэккилэр
2 туохтуур #
Чэгиэн көрүҥҥүн сүтэр, мөлтөө, эһин-быһын (кырдьан, ыалдьан о. д. а.)
Нууччалыы Терять здоровый, цветущий вид, вянуть, увядать (от старости, болезни и т. д.)
Ийэбит -- туртайан барбыт чанчыгын астара саба түһэн, кэмэ-кэрдиитэ кэлэн, кэхтэн иһэр дьүһүнэ-бодото көстөн олордо. Эрилик Эристиин Даайыс манна сүүрбэччэ саастаах эмньик эттээх эдэр кыыс сүктэн кээлтэ. Манна кэлэн кини маа бэйэлээх быыппастыгас эдэр бэйэтэ кэҕиннэ. Н. Заболоцкай Биһиэхэ этэллэр: "Олоххут айанын Ортолостугут. Аны кэхтэргит эрэ кэлиэ... " Софр Данилов
3 туохтуур #
Кэннигинэн тэй, чугуй
Нууччалыы Отступать назад, пятиться
Андаҕар кэриэспит биһиэнэ: Өлүөхпүт, - кэхтиэхпит кэриэтин. А. Абаҕыыныскай Боробуос кэннинэн кэхтэ түһээт, дьүккүйэн кэбистэ. Амма Аччыгыйа Хорсун дьон диэн - бу олохторун ыар түгэнигэр кэннилэринэн кэхтибэт, алдьархай ааҥнаатаҕына тобуктуу түспэт дьон ОАП ОТХ
4 туохтуур #
Тохтоон, уурайан, бүтэн хаал
Нууччалыы Останавливаться, прекращаться. [Кыргыттар] Кэргэннээх киһи диэбиккэ Кэрэхсииллэрэ кэхтэн хаалла
Оҕонньор -- бачча улгумнук кэпсэтэн иһэн кэхтэн хаалар сатамньыта суоҕун өйдөөн, куорат олоҕун-дьаһаҕын ыйыталаһан, онуоха тугу истибитигэр күө-дьаа сэҥээрэн, төттөрү, ыалдьытын симитиннэриэх курдук буолла. П. Аввакумов Лэгиэ уонна Нарыйа харахтарын кыайан көрбөттөр, симээбит эттэригэр куор ымынаҕа тахсан иһэн кэхтэн хаалбыт ХС
5 туохтуур #
Самын, суох буол, сүт-симэлий (үксүн поэзияҕа буолб. ф-ҕа тут-лар)
Нууччалыы Увядать, утрачивать значение, смысл, сходить на нет (обычно употр. в отриц. ф. в поэзии)
Кэриэһим - кэннибэр хааларым, Кэхтибэт кэрэкэ тылларым...
П. ОйуунускайКэрэ ааспат, кырдьыбат, Өлбөт, сүппэт, кэхтибэт. С. Данилов Саас-үйэ тухары кэхтибэт Саҥаны, кэрэни айыахпыт Эллэй