Перевод с якутского
тырым
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы мерцающий, лучистый
Ис хоһооно · 4
1 даҕааһын #
Сүтэ-сүтэ күөдьүйэр (туох эмэ уота, сырдыга)
Нууччалыы Мерцающий, лучистый (свет, сияние)
Соня эдэригэр, оо, харахтара дьиҥ ыас хара, чох хара этилэр уонна мэлдьи мэник тырым уоттаахтара. Н. Габышев Хотугу түүн хараҥа, Арай, дьиэҕэ сырдык, Тырым лаампа сырдыга Тыгар сулус курдук. И. Эртюков Сулустар – тырым уоттаах харахтар, Туохтан үөрэн мичилиһэ күллүгүт, Ыһыахха мустубут кыргыттар кэриэтэ Сиэттиһэн дьиэрэҥкэй тэптигит Чэчир-80
Өссө холобурдар (3)
Эҕэрдэлиибит Эйигин Хотугу дойдубут модун хомураҕар Кытыаста ыһыллар күн тырымынан, Муустаах муорабыт кыһыҥҥы кустугунан –Үҥкүүһүт дьүкээбил оонньуур уотунан! П. Тобуруокап Халлаан оонньуур кустуга Күлүмүрдүүр тырымын Маннык чуҥкук дойдуга Көрсүөм диэбэт буоларым. А. Абаҕыыныскай Ыйтан ылбыт толбонноох эбит, Сулус тырыма диэн киниэхэ тыкпыт, Дьүкээбил уотун төлөнө түспүт, Арылыйар кустук мэнньиэһэ оонньообут С. Зверев
2 даҕааһын #
Чэчирии тыллыбыт, тыыннаах, кэрэ (от-мас туһунан)
Нууччалыы Цветущий, живой, прекрасный (о растительности)
Күлүмнүүр-мичиҥниир Күндү күөх биэбэкэм Күлүмнүүр-дьиримниир Күөх тырым сибэкким, Долгуйан нусхайар, Долгуна умайар.
П. ОйуунускайО, күөх тырым симэҕин Эн суолгар тэлгэтэн, Өлбөөрбөт кэрэҕин Сир ийэ чиэстээтэ. Эллэй. Ол арҕаа аларга тахсаммын Күөх тырым сибэкки үргүөҕүм Күннүк Уурастыырап Ханнаный кырдалга Сибэкки тырыма? Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (3)
Биэрэккэ сардаана тырыма Бэйэбэр, тулабар тохторо. Р. Баҕатаайыскай Көмүс, алмаас дойдутун Көрдөөх ыччата буолабыт, Тыыннаах айылҕа тырымар Тыаҕа, хонууга барабыт. С. Тимофеев Ср. алт., тел., леб. тыр ʽдрожаниеʼ, осм. тырыл ʽдрожащийʼ
3 аат тыл #
Туох эмэ (хол., сулус) сүтэ-сүтэ күөдьүйэр уота, сырдыга
Нууччалыы Мерцающий свет; лучистое сияние (напр., звезды)
4 аат тыл #
Саҥа тыллыбыт от-мас, айылҕа кэрэтэ
Нууччалыы Прелесть свежей зелени, пробудившейся природы