ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тырымнаа

туохтуур

Нууччалыы мерцать, искриться; сверкать, лучиться

1 туохтуур #

Уотунан кылаҥнаа, дьиримнээ; толбоннурар сырдыгынан чаҕылый

Нууччалыы Мерцать, искриться; сверкать, лучиться

  • Кырыаран чоҥкуйбут үрүйэ Үрдүнэн соҕотох сулуһум, Кыламныыр-дьиримниир уотунан Үөһэттэн тырымныы турара.
    Күннүк Уурастыырап
  • Түүҥҥү Москва түннүктэриттэн тыһыынчанан уоттар тырымныы тыгаллар.
    Т. Сметанин
  • Ольга Керемясова буспут моонньоҕон курдук харахтара нарын-намчы сирэйигэр тырымныы түстүлэр
    Л. Габышев

2 туохтуур #

Үөрэн-көтөн, мичилиҥнээн, кэрэнэн, сырдыгынан сыдьаай

Нууччалыы Светиться радостью, излучать нежную красоту

  • Кырдьык, Ариша барахсан аһыллыбытынан сибэккигэ дылы тырымнаан, эчи үчүгэйэ диэн.
    Суорун Омоллоон
  • Аан сэмэйдик, аа-дьуо аһылынна, били таҥараҕа дьүөрэлиир дьахтара тырымнаабытынан тахсан кэллэ.
    И. Гоголев
  • Онтон кыыс саҥатыттан маппыта, бэйэтэ-бэйэтигэр бүкпүтэ, сирэйэ кырыыланан, хараҕа өлбөөрөн, тырымнаабыт кэрэ бэйэтэ уостарга барбыта
    Т. Находкина

3 туохтуур #

Чэчирии тыллан, көҕөрөн кэрэтий (от-мас туһунан)

Нууччалыы Расцвести, заиграть, заискриться цветом свежей зелени (о природе, растительности)

  • Хонуу киэркэйбит, тыа тырымнаабыт, мутукча тыаһа куугунас, сэбирдэх тыаһа тэлибирэс.
    П. Ойуунускай
  • Тыллыбыт ньургуһун Тырымныы хамсаата, Үчүгэй урсунун Тыал хоту хамсатта.
    И. Артамонов
  • От-мас күөҕүнэн чэлгийэн Хамсыы-тырымныы турар
    Е. Макаров

«Т» буукуба