ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тырымнас

даҕааһын

Нууччалыы мерцающий искрящийся

Ис хоһооно · 4
II

1 даҕааһын #

даҕ

  • тырымнаа диэнтэн холб. туһ. [Катя] сирэйэ сырдаабыт, хараҥатыҥы халлаан күөҕэ харахтара үөрүүнэн тырымнаспыттар.
    Амма Аччыгыйа
  • Күөл уҥуор Сэргэлээх уоттара бу баардыы ыҥыра, ымсыырда, долгута тырымнаһаллар.
    Н. Лугинов
  • Үрүмэччилэри кытта көҕүһэн, Көтөн хаалаары гыммыттыы, Сибэккилэр чааскыларын тэнитэн Тырымнастылар аргыый хамсыы. Саһарҕа
Өссө холобурдар (3)
  • "Үчүгэйин! Барыта аҥаардастыы бэрт дии! Эргиччи кэрэ!" – дии санаата Юрий Семёнович Мылахов, сөмөлүөт түннүгүнэн түүҥҥү Москва тырымнас уоттарын одуулуу олорон.
    Н. Лугинов
  • Дьахтар тырымнас харахтара "ханна да ыҥырдаргын барыам" диирдии чаҕылыһаллар.
    Е. Неймохов
  • Барыта ый сырдыгын иҥэриммит, тырымнас сулустарынан ыһыллыбыт киэҥ, көнө хонуу тунаарыйан сытар. Л. Толстой (тылб.)

2 даҕааһын #

Уотунан кылаҥныыр, дьиримниир; толбоннурар сырдыгынан чаҕылыйар

Нууччалыы Мерцающий искрящийся; сверкающий, лучистый (о глазах)

3 даҕааһын #

Үөрэн-көтөн, мичилиҥнээн кэрэнэн, сырдыгынан сыдьаайар (эдэр кыыс туһунан)

Нууччалыы Светящийся радостью, излучающий красоту (о юной девушке)

  • Ааныска -- күлүм-үрүм күлбүт тырымнас үчүгэй кыыс оҕо этэ.
    Н. Түгүнүүрэп
  • "Бу дойдуга оннооҕор муоста сууйааччылара маннык тырымнас бэйэлээх буоллахтара дуу?" – уол мүчүҥнээн ылла.
    У. Ойуур
  • Тырымнас кэрэ кыыс Сибэкки хомуйар. Хараҕын, уостарын Уран күн убуруур. Доҕордоһуу т

4 даҕааһын #

Чэчирии тыллыбыт, көҕөрөн кэрэтийбит (от-мас туһунан)

Нууччалыы Расцветший, распустившийся нежной свежестью (о растительности). [Сибэкки] Тырымнас бэйэҕин Тыыннаахтыы ыламмын, Кэрэхсиир биэбэйбэр Кэһиибин ыытабын

  • Оо, таҥарам кийиитэ, эн арчылаа Кэхтибэт кэрэмэс эдэр сааһы, Тырымнас ньуургунан туоһулаа Таптал сибэтиэй ырааһын
    М. Ефимов

«Т» буукуба