ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күдэрик

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы легкий дым, туман

1 аат тыл #

Халлаан, ыраах көстөр саҕах туманнаах, буруолаах буолан көстүүтэ

Нууччалыы Легкий дым, туман (в холодное время года)

  • Оччоҕо субу ый субу курдук күөх күдэригин түһэрэн турбута.
    Күндэ
  • Кырыа хаар суорҕаннаах кыраайбыт үрдүттэн Кыһыҥҥы күдэрик кыйданан арахта
    С. Васильев

2 даҕааһын #

суолт. Хойуу (туман, буруо о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Густой (о тумане, дыме и т. п.)

  • Кинилэр уулуссаҕа тахсаннар, күдэрик тумаҥҥа сүтэн хааллылар.
    В. Протодьяконов
  • Кычкин оперативнай группата төннөрүн аҕай кытта буурҕа түһэн, аэродрому күдэрик хаарынан туох даҕаны көстүбэт гына сабар
    Н. Якутскай

«К» буукуба