ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күн-хаан

аат тыл

Нууччалыы лихая пора

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

, кэпс

  • "Чэ, күн-хаан тирээтэ быһыылаах, - ийэ барахсан, долгуйбутун кыатана-кыатана, кэргэнигэр этэр. - Балыыһаҕа барыыһыккын"
    Кыым

2 аат тыл #

Киһи уйана-хатана биллэр, ыарахан кэм

Нууччалыы Лихая пора

3 аат тыл #

Тиһэх кэм, бүтэһик чаас

Нууччалыы Последний час; смертный час

  • "Доҕоор, чэ, күн-хаан кэллэ быһыылаах, быраһаай!" - диэн бырастыыласта.
    Суорун Омоллоон
  • Аны бырастыы, талыыкан далаһам Арахсыһар күн-хаан тирээтэ; Эн сынньан: көмүс иҥэһэҕэр хаһан Үктэнэрим арда кэҥээтэ. А. Пушкин (тылб.)

4 этии #

Күн-хаан кыараата (бүөлээтэ) түөлбэ. - ыксал буолла, өлүү тирээтэ Тыыбыт уунан туолан барда, күн-хаан кыараата. "Дьэ, күн-хаан бүөлээтэ да, ханна да барар сирэ суох буолла" дии санаа була турда. Саха фольк

Нууччалыы Наступил последний час, смертный час

«К» буукуба