Перевод с якутского
күннүктээх
даҕааһын
Нууччалыы имеющий день пути по протяженности (только в светлое время суток), однодневный, двухдневный, трехдневный и т
1 даҕааһын #
даҕ
Мантан тус илин биир күннүктээх сиргэ аҕыс салаалаах Аал Луук Маска мохсоҕол кыыл сымыыттаан сытыарар, ону аҕалларгын тиллиэм этэ. Саха фольк Мантан арҕаа икки күннүктээх сиргэ, харыйа быыһа сир илин саҕатыгар, бэрт элбэх саллааты кытта сылдьарын көрдүм, арааһа, тойон быһыылаах. Эрилик Эристиин Туундара бухатыыр булчута Турунна күннүктээх айаҥҥа С. Васильев
2 даҕааһын #
Халлаан сырдыаҕыттан хараҥарыар диэри айанныыр уһуннаах
Нууччалыы Имеющий день пути по протяженности (только в светлое время суток), однодневный, двухдневный, трехдневный и т. д
3 даҕааһын #
Уһун тыыннаах, өр сүүрэр кыахтаах, хоннохтоох айаннаах (ат туһунан)
Нууччалыы Способный бегать на большие расстояния, с длинным дыханием (о лошади)
Бу сир хаба ортотугар күннүктээх ат көбө соҕус сиэлэн тиийэр көмүс уорук балаҕан килбэчийэн көһүннэ. ПЭК ОНЛЯ I. Көр, таныыта тэнигир эбит ээ. Бука, күннүктээх соҕус баранаак буолар эрэ ханнык [сур соноҕос] Амма Аччыгыйа