Перевод с якутского
күөртээ
туохтуур
Нууччалыы дуть, раздувать мехом, мехами
1 туохтуур #
Күөрдүнэн үрдэрэн, чоҕу сирэлит (тимиринэн уһанарга)
Нууччалыы Дуть, раздувать мехом, мехами (огонь)
Күөрт күөртээн, балта балталаан, Кыһыл тимир кытаҕастаах Уһана олордоҕум. Л. Попов Күөрчүтүнэн, куолутун курдук, Табунанов оҕонньор кэлистэ. Кыһатын өрөн, күөртээн сирэлиппитинэн барда М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Тугу эмэ соруйан күөдьүтэн, күүрдэн, күүһүрдэн, тэптэрэн биэр (хол., иирсээни, айдааны)
Нууччалыы Преднамеренно раздувать, преувеличивать, разжигать что-л
Кулаактар аҕа уустаһан, атааннаһыыны күөртүү сылдьаллар. Амма Аччыгыйа Өһөгөйдөөх өс-саас үөскээтэ, Өлүү сүрэҕи уотунан күөртээтэ Т. Сметанин