Перевод с якутского
көһүй
туохтуур
Нууччалыы неметь
English to become numb, to go numb
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы неметь
English to become numb, to go numb
көхсүм көһүйдэ спина онемелаmy back went numb
2 туохтуур #
Сылайыыттан, уһуннук табыгаһа суохтук турууттан-олорууттан, тоҥон, бөҕүөрэн тугу да билбэт буолан хаал; көлөттүгэс буол (эт-сиин, көҕүс, илии-атах туһунан)
Нууччалыы Терять подвижность, онеметь; затекать (о теле, конечностях, спине). [Нүһэр Дархан:] Арҕахха кыстаабыт аарыма эһэ курдук, Этим-сииним барыта көһүйбүт
Күнү мэлдьи аһаабакка аччыктаабыт, олоро көһүйбүт дьон сулбу-халбы таҥныбытынан бараллар. Күннүк Уурастыырап Уһуннук олорон айаннаабыттарыттан атахтара көһүйбүт, сүһүөхтэрэ мастыйбыт этилэр. Н. Якутскай Атахтара тоҥон, сүһүөхтэрэ көһүйэн бардылар Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Тымныйан, мастыйан хаал (үксүгэр өлбүт киһини, сүөһүнү этэргэ). Θ Закоченеть, деревенеть (обычно о трупе). Көһүйбүт доҕорун кууһан ылан атын самыытыгар туора бырахта. И. Гоголев Чугаһаан кэлбитэ, тииккэ былыр үйэҕэ көһүйэн хаалбыт табалар ыйанан тураллар. Эвен фольк
3 туохтуур #
Тымныыга тоҥон дөйүөрэн хаал, өлбүт курдук буол (от-мас, сир туһунан)
Нууччалыы Стать неподвижным, цепенеть от холода (обычно о деревьях, земле)
Тымныы туманын быыһынан Манчаары ата быыраттар, Туйахтарын чуор тыаһыттан Көһүйбүт дойдум уһуктар. С. Данилов Валентин билигин аҕай үрдүнэн үктээн ааспыт хомураҕын оргууй таарыйбытыгар болбукта көһүйбүт лабаалара өндөйбүтүнэн бардылар Сэмээр Баһылай
4 туохтуур #
Үмүрү тардар, сааллар курдук ыарый (хол., быар, таал, өрөһө туһунан)
Нууччалыы Чувствовать боли, колики в животе, боку (напр., от безудержного смеха; ср. смеяться до колик)
Уолаттар өрөһөлөрө көһүйүөр диэри күлүстүлэр. Амма Аччыгыйа Ср. монг. хөши 'коченеть, застывать'
5 этии #
Нууччалыы От ожидания спина онемела (заждался - затылок заболел - речевая формула, говорящая о долгом бесплодном ожидании)
Көһүтэрбэр көхсүм көһүйдэ (кэтэһэрбэр кэтэҕим ыарыйда) - "олус уһуннук туһата суох күүттүм" диэн этэр формула Көхсүм көһүйүөр диэри Көһүппүтүм ордугун, Куттанарбыттан даҕаны Кутум-сүрүм тохтууһу.
П. ОйуунускайКүтүөт кэлиэ диэммин, көһүтэрбэр көхсүм көһүйдэ, кэтэһэрбэр кэтэҕим ыарыйда. Н. Туобулаахап