Перевод с якутского
тоҥ
туохтуур, даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы коченеть от холода, мёрзнуть, зябнуть
English to freeze
Ис хоһооно · 16
1 туохтуур #
Наһаа тымныы буолан, көһүйэн хаал, бөҕүөр
Нууччалыы Коченеть от холода, мёрзнуть, зябнуть
Утаакы гыммата, дэлби тириппит оҕо тоҥон уһуктан кэллэ.
Суорун ОмоллоонСайын от үлэтигэр буһарбыт, Кыһын ынах уулатан тоҥорбут. С. Данилов Кырынаас тоҥон өлөрө кэлэн, утуктаан нуурайан барбыт Саха фольк
2 туохтуур #
Тымныыттан бөһүй, муус буол
Нууччалыы Превращаться в лёд, замерзать, застывать
Үрэх мууһа саҥа тоҥмута.
Суорун ОмоллоонКыһыныгар сайылык дьиэҕэ тоҥмут үүтү, астаммыт бурдугу уураллар Амма Аччыгыйа
3 туохтуур #
Оттуллубакка тымный
Нууччалыы Вымерзать без отопления
Төлөпүөн өрө тырылыы түстэ. "Оройкуом уопсайа тоҥон эрэр, хачыгаар суох", – диэтилэр ХС
4 этии #
Этиилэр
Суола тоҥмут көр суол
Эргэ тыытын туһунан эттэххэ
ол эмиэ суола тоҥмут этэ.
Н. Заболоцкай
5 этии #
Этиилэр
Дөйүөрэ тоҥ көр дөйүөр
Күөллэр дөйүөрэ тоҥнулар.
Көппөх тоҥор ыйа көр көппөх
Көппөх тоҥор ыйыгар отон амтаннанар.
Силиитигэр тиийэ тоҥно көр силии
Бу кинилэр, эдэр дьон, уҥуохтарын силиитигэр тиийэ ыбылы тоҥнулар дии. Софр. Данилов. Ср. др. -тюрк. тоҥ ʻзамерзатьʼ, тат. туҥу, уйг. тоҥмак ʻмерзнутьʼ
6 даҕааһын #
Ириэнэҕэ суох, ирбэтэх
Нууччалыы Мёрзлый, мороженый
Үчүгэй да этэ, сэгэрдэр, Тыаттан киирэр тоҥ чохоон. П. Тобуруокап Күн киириитэ Тоҥ чалбахха толбон түспүт. С. Данилов Тымныыны тулуйан кэлбиккин Тоҥ буору тоҕута силэйэн И. Артамонов
Өссө холобурдар (1)
Төһөҕө даҕаны, тымныыга тоҥу, куйааска итиини аһыыр куолу И. Федосеев
7 даҕааһын #
Сылыйа илик, тымныы
Нууччалыы Плохо отапливаемый, холодный, прохладный
Куруутун тоҥ тордоххо олоруоҥ, тымныы аһы аһыаҥ.
Суорун ОмоллоонТоҥ чуулаан долбууругар ууран кэбистэ Амма Аччыгыйа
8 даҕааһын #
Сахалыы билбэт, саха быһыытыгар-майгытыгар үөрэнэ илик
Нууччалыы Не владеющий якутским языком, не знающий якутских обычаев, уклада жизни. [Күлүк Өлөксөй:] Тоҥ күтүр эбит
"Ээ, тоҥ киһи кэлбит буоллаҕа диэбитим, хата, сахалыы бэрт үчүгэйдик билэр эбиккин дуу!" – Мэтээллээх киһи үөрбүтэ. Н. Якутскай "Ыстапааһа, эһиэхэ биэлсэр аҕаллым. Эдэркээн баҕайы нуучча уола. Тоҥ", – диэтэ Дьаакып Айталын Маһы тоҥҥо төбө өттүттэн саҕалаан хайыталлара. АЭ ӨӨКК
9 даҕааһын #
ан да сынтайбат, өһүллүбэт хабараан күүстээх
Нууччалыы Очень сильный, мощный. [Борохуот аал] Тоҥ күөнүнэн Дохсун сүүрүгү Тоҕо анньан, Тохтообокко дьулугурайда
Борохуот тоҥ күөнүнэн сүүрүгү өрө үтүрүйэн дьулурутан иһэр эбит Амма Аччыгыйа Тоҥтон уурайбыттарыгар Логлойо хончоҕор миискэни Ньургун Николаевич иннигэр аҕалан уурар. Г. Угаров Саатар биирдэ эмэ тоҥ кыһан аҕалбат буоллахтара. ХС
Өссө холобурдар (1)
Таһыттан тоҥно уонна быарда киллэр. А. Кривошапкина (тылб.)
10 даҕааһын #
Эйэҕэһэ суох, үтүөнү санаабат
Нууччалыы Недоброжелательный, холодный
Таня тоҥ харахтара күн уотугар чаҕылыһан, хайдах эрэ сүтэн ыллылар. Н. Заболоцкай Таптаабат тоҥ кымньыы тылларыҥ Кыйдаата дьолум уот чыычааҕын. Айталын. Сопхуос парткомун сэкирэтээрэ чыҥха атын, дьоҥҥо тоҥ сыһыаннаах салайааччы ХС
11 аат тыл #
Тымныы, ирбэтэх туох эмэ
Нууччалыы Что-л. замороженное, холодное
12 даҕааһын #
Дьыл тымныы кэмэ, кыһын
Нууччалыы Холодное время года, зима
көр ирбэт тоҥ. Үс тилик-малык уолаттар Буору хаһан бурҕайаллар, Тоҥҥо тиийэн хойгуо чыҥыргыыр. П. Тобуруокап Баҕар, тоҥ баар буолан, сибэккилээхпит буолуо. С. Тарасов Томороон силискинэн тоҥугар тиийэ Тирэммитиҥ баҕас кытаанаҕын! Баал Хабырыыс
13 аат тыл #
түөлбэ. Тоҥнуу сиэнэр балык (хол., бил, туут, хатыыс, чыыр, уомул)
Нууччалыы Сырая рыба, некоторые сорта которой употребляют в пищу в мороженом виде, строгая длинными ломтями, строганина
14 этии #
Нууччалыы Неприветливый, высокомерный, гордый человек
Этиилэр
Тоҥ иҥиирдээх көр иҥиир
"Тоҥ иҥиирдээх дьон таһыахтара", – Ньаҕай бүтэн сүгэтин төҥүргэскэ саайда. Ф. Постников Бэрэссэдээтэлиҥ эйиэхэ, тоҥ иҥиирдээх киһиэхэ, анаан-минээн хотуур ыыппыта. "Чолбон". Тоҥ иҥиирдээхтэр хапсаҕайдаһан халбарытыстылар. "Кыым".
Тоҥ киһи
тоҥкуруун майгылаах, улаатымсык киһи Таах даҕаны тот аччыктыах, доруобай ынчыктыах айыланан, тоҥ киһи.
Э. Соколов.
Тоҥ күөс быстыҥа
1) көр быстыҥа. Тоҥ күөс быстыҥынан эргиллиэм; 2) олус өр, олус уһуннук.
Битый час (о потраченном на что-л. времени).
[Тайҕа оҕонньор кэрэх тиити] тоҥ күөс быстыҥа кэрпитин кэннэ, дьэ хаачыгыраата. И. Гоголев Уордаахап дьоҕойон тоҥ күөс быстыҥа көһүтэр. Софр. Данилов.
Тоҥ маһы тосту тардар
күүстээх-уохтаах, доруобай (киһи).
Здоровый, сильный, в расцвете сил.
Бу күөгэйэр күннэригэр сылдьар, тоҥ маһы тосту тардар дьон, кыбыстыах иһин, сүүс биэстии үлэ күннээхтэр! В. Протодьяконов Киһи күлүөх, бачча тоҥ маһы тосту тардар доруобай киһи кэтэһэн хороллон олоруом үһү дуо? "Кыым". Тоҥ нуучча кэпс. – сахалыы олох билбэт, өйдөөбөт нуучча киһитэ. Русский, совершенно не владеющий якутским языком (букв. мороженый русский). Оҕо хаһан да харахтаан көрбөтөх тоҥ нууччатыгар сыстыбыт.
Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
Икки тоҥ нуучча лоһугураһан киирбиттэрин кулуба ойоҕо -- сонургуу көрдө. Болот Боотур Тоҥ нуучча оҕолоро хата уу сахалыы саҥарар буолбуттара. ХС
Тоҥор-ириэнэҕэр тиий (тириэрт) көр ириэнэх
[Витя] сонургуу санаабытын сиһилии ыйыталаспакка, тоҥор-ириэнэҕэр тириэрпэккэ хаалбат. Н. Заболоцкай Киргиэлэй да тоҥор-ириэнэҕэр тиийэн баран тэйиэх киһи, холкуос мунньаҕын тэрийээри иһэр буолан, боломуочунайдыын ааһарга тиэтэйдилэр. Д. Таас
Өссө холобурдар (2)
Тоҥ суолун тордоо, ир (ириэнэх) суолун ирдээ көр ир II. Тоҥ суолун тордуур күнүм, Ир суолун ирдиир күнүм Күөн түөспэр Күөйдэҕэ буолуо.
П. ОйуунускайАата биллибэт алдьархайы Тоҥ суолун тордооҥҥут, Ириэнэх суолун ирдээҥҥит Тибии буолан тибилийиҥ. С. Зверев
Тоҥтон толлубат көр ириэнэх
Кини тоҥтон толлубат Уоттаах төлөн сүрэхтээх. И. Эртюков
15 этии #
Нууччалыы Чистое серебро
Этиилэр
Ирбэт тоҥ көр ир I
Киэҥ Өлүөнэ хотун Ирбэт тоҥ буорун Илгэнэн тыыннаан, Эн күнүҥ тыгар. Күннүк Уурастыырап Билигин хайыы-сах ирбэт тоҥ уорҕалаах Сахам сирин үрдүнэн көтөн истэхпит буолуо.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Хайа боруодаларын үгүс сыллаах ирбэт тоҥ араҥалара олус бөҕө уонна ууну аһарбат. САИ ССРС ФГ
Сылгы тоҥ быара көр сылгы
Саха биир таптаан сиир аһылыгынан сылгы тоҥ быара буолар. Дьиэ к.
Тоҥ балык көр балык
Манна эт, арыы, тоҥ балык булууһу толору симиллэн сытара. Н. Якутскай Таһырдьаттан титирээн киирээт, тоҥ балыгы сиэ, итии чэйдэ ис – тоҥмутуҥ, сылааҥ тута ааһар. Н. Габышев
Тоҥ былыттар көр былыт
Кыдьымах курдук тоҥ былыттар өрө адаарыһан таҕыстылар. Т. Сметанин Тоҥ, көһүүн былыттарга ый толбоно тохтор. Баал Хабырыыс
Тоҥ көмүс
туох да булкааһа суох ыраас үрүҥ көмүс Тоҥ көмүһү уулларан куппуттуу, үллэр үс үөһэ, үрүлүйэ тохтон, көҥүлүнэн сүүрүгүрэн түһэр эбээт Өлүөнэ өрүһүм.
Суорун Омоллоон.
Тоҥ күөрчэх
кыра гына тоҥоруллубут, тоҥнуу сиэнэр күөрчэх.
Мороженые, взбитые мутовкой сливки, замороженный кёрчэх.
Киниэхэ доҕотторо, биир эмэ аймаҕа итии ас, отон, тоҥ күөрчэх аҕалаллара. Н. Габышев М. Н. Артамонова маастардаах биригээдэ оҥорбут кымыһа, суората, тоҥ күөрчэҕэ үрдүк бааллары ыллылар. "Кыым".
Тоҥ күүс
туруору күүс, быччыҥ күүһэ.
Физическая, мышечная сила.
Мас хайытыыта омос көрдөххө олус судургу, аҥаардас тоҥ күүһү эрэйэр үлэ курдук. АЭ ӨӨКК
Тоҥ омурҕан
тоҥ күөс быстыҥа 2 диэн курдук (көр быстыҥа).
Тоҥ омурҕан тухары туран тахсыаххын баҕардыаҥ? И. Данилов Биир тоҥ омурҕан сыппыппыт кэннэ, таһааран устуруойдаттылар. В. Яковлев
Тоҥ үүт
иһиккэ кутан тоҥоруллубут үүт.
Молоко, замороженное в посуде.
Ийэм тоҥ үүт ыыппыт. Кыра-кыралаан мас көтөрө, балык, тоҥ үүт эмиэ булулунна. И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
Сүүс киилэлээх тоҥ үүтү Чочур Мырааҥҥа ирбэт тоҥҥо харайыахтара. "Кыым".
Тоҥ хаһаа
син биир таһырдьа курдук олус тымныы.
Холодно как на улице.
Киирээт, тумнаста сыстым, оптуобуспут иһэ тоҥ хаһаа эбит. "Кыым". Дьиэлэрэ тоҥ хаһаа буолбут. Р. Кулаковскай
Тоҥ эт
тоҥнуу сиэнэр сылгы, убаһа этэ.
Конина, жеребятина, употребляемые в сыром и замороженном виде.
Тоҥ эти харса суох сиэтэ.
П. ОйуунускайСр. др. -тюрк. тоҥ, тат. туҥ, уйг. тоҥ ʻмёрзлыйʼ
16 #
тыаһы үт. т. Көҥдөй туохха эмэ охсуллан дуорааннанан иһиллэр тыас
Нууччалыы Подражание звуку, возникающему от удара по резонирующему полому предмету
Барабааны тоҥ-тоҥ оҕустулар. Удаҕан дүҥүрүн "тоҥ-тоҥ-тоҥ" тоҥсуйда. ПЭК СЯ Я. Ср др. -тюрк. тоҥ ʻгрохотʼ, туркм. тоҥк ʻзвукоподражание ружейному выстрелу или глухому ударуʼ