ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тоҥор

туохтуур

Нууччалыы замерзать

English to freeze

Ис хоһооно · 7

1 туохтуур #

Нууччалыы замерзать

English to freeze

  • үүтү тоҥор
    заморозить молокоfreeze the milk

2 туохтуур #

Тугу эмэ тымныт, бөһүт

Нууччалыы Охлаждать, замораживать что-л

  • Чохоону тоҥор.
  • Быары тоҥорон, бытархай гына кырбаан сииллэр. КЕФ СТАҮө. Былыыр-былыр Ээһэй эмээхсин Ынаҕын ыан баран Балаҕан үрдүгэр үүтүн Туос чабычахха Тоҥоро уурбут. П. Ламутскай (тылб.)

3 туохтуур #

Күнүһүн сылыйан түүнүн тымный, дьыбардан, хаһыҥнан (күн-дьыл туһунан)

Нууччалыы Становиться холодным, морозить по ночам (поздней осенью, ранней весной)

  • Тоҕус күн хачааллаан, Тоҥорбут бу халлаан Дьэ тыынын таһаарда, Дьэҥкэрдэ, ылаарда.
    Болот Боотур
  • Күһүн буолан, от-мас хагдарыйан, түүнүн тоҥорон, кыстык кэлэн иһэрэ биллэн барбыта.
    В. Протодьяконов
  • Түүн ахсын тоҥорор, күнүһүн хотуттан курас тыал үрэр
    В. Титов

4 туохтуур #

Тымныт, үлүт

Нууччалыы Заморозить, застудить

  • Бу умайар тымныыга киһини тоҥорон өлөрүүһүлэр.
    М. Доҕордуурап
  • Эн миигин хаарга түҥнэри анньан тоҥорбуккун этиэм! П. Ламутскай (тылб.)

5 туохтуур #

Кыһыҥҥы кэмҥэ дьиэни-уоту оттубакка тымныт, ититимэ (кыстаабат буоллаххына анаан эбэтэр киһиттэн тутулуга суох ханнык эмэ быһыыттан-майгыттан – хол., элэктэриичэстибэ уота баран, оттук бүтэн)

Нууччалыы Не подавать тепло, замораживать дом в зимнее время (если не зимовать или из-за каких-л., не зависящих от человека обстоятельств – напр., из-за неисправности электростанции, за отсутствием топлива)

  • Ийэм аах салҕааһын дьиэлэрин быйыл тоҥордулар. Аҕыйах сыллааҕыта уот ыстаансыйатын саахала буолан, куорат аҥаарын тоҥоро сыспыттара

6 туохтуур #

калька. Ханнык эмэ улахан бырайыагы (хол., дьиэ тутуутун) ситэрбэккэ тохтот, боҕон кэбис

Нууччалыы Оставить незавершенным какой-л. крупный проект, строительство, замораживать

  • Элбэх этээстээх олорор дьиэ тутуутун үбэ көстүбэккэ тоҥордулар

7 этии #

Этиилэр

Иһин тоҥор көр ис IV

  • Итэҕэллээҕиҥ искин тоҥордо. ПЭК СЯЯ. Хата сэрэн, ити биһириир Бииктэриҥ искин тоҥороорой. Суорун Омоллоон

«Т» буукуба