Перевод с якутского
көһүүннүк
сыһыат
Нууччалыы неуклюже, неповоротливо
Ис хоһооно · 4
1 #
сыһ
Кини бииргэ үөрэммит доҕордоох -- улахан уҥуохтаах, өҕүллэҥнээн, хайдах эрэ көһүүннүк туттан хаамар. А. Сыромятникова Күөх туман кэтэҕэр Көһүүннүк өҕүллэр Хараарар хайа арҕаһа Халлааҥҥа харбаһар. Эрчимэн. Грифтэр - бөдөҥ-садаҥ, сиргэ көнтөрүктүк хамсанар, көһүүннүк хаамар көтөрдөр. ББЕ З
2 #
Көнтөрүктүк, олус сыылбатык
Нууччалыы Неуклюже, неповоротливо, очень медленно
3 #
Бытааннык, нэстик, уһаарбатык (хол., дьыаланы быһаарар, үлэҕэ, дьыалаҕа сыһыаннаһар)
Нууччалыы Очень медленно, безынициативно, косно
Уларыйыы процеһа сорох дьоҥҥо бэрт көһүүннүк, охсуһуу-айдаан түмүгэр барар ПБН ОПТ
4 #
Тоҥуйдук, тымныытык, абааһы көрбүттүү, ахсарбатахтыы
Нууччалыы Холодно, неодобрительно, недоброжелательно
Тэрэнтэй оҕонньор бүгүн эмиэ улахан кулуба ыҥыртарыытыгар киирэн таҕыста. Боһомо [кулуба] бэрт көһүүннүк көрүстэ. Болот Боотур Тимошиҥҥа сорох табаарыстара көһүүннүк сыһыаннаһаллар А. Федоров